РФ бырабыыталыстыбата фермерскай хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрэ үүт аһы булгуччулаахтык маркировкалыылларыгар киллэриллибит ирдэбили 2023 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри сымнатта. Предпринимателлэр бу кэмҥэ маркировка туруорар импортнай оборудование оннугар атыны буолуохтара.
2023 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри үүт уонна бытыылкалаах уу атыылаһар общепиттар, үөрэх тэрилтэлэрэ, дьыссааттар уонна балыыһалар маркировка мониторинын ыытар систиэмэҕэ информацияны ыытыыттан босхолонуохтара.
Өссө биир миэрэ ас-үөл атыылыыр маҕаһыыннарга сыһыаннаах. 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри атыылаабыт үүт бородууксуйаларын туһунан информацияны систиэмэҕэ ыыппаттар, оттон бытыылкалаах уу туһунан — 2023 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри.
Михаил Мишустин: «Бу дьаһал билиҥҥи балаһыанньаҕа ис ырыынакка үүтү уонна ууну таһаарыыга мэһэйдэри кыччатар туһугар ылыллар. Итиэннэ бизнестэн административнай ноҕуруусканы устар сыаллаах».