Быйылгы сылга социальнай хантараактары түһэрсиигэ, федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһини киллэрэн туран, 607,1 мөл солкуобай көрүллүө. Ити үпкэ 5 тыһ хантараагы түһэрсэр сорук турар. Бу туһунан СИА үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһитиннэриитигэр сигэнэн суруйар.
354 дьиэ кэргэн үлэ көрдөөһүнүгэр хантараак түһэрсиэ. 1 050 ыал – урбаан, 601 – кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ, 2 919 – олох ыарахаттарын туоруурга туһуламмыт араас тэрээһиннэргэ.
«»Үлэ көрдөөһүнэ» диэн салаа быйылгыттан баар буолла. Сүрүн сыала диэн, кыһалҕалаах дьон саҥа идэҕэ үөрэнэн, үлэ булуулара буолар», — диир үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников.
Саҥа идэҕэ эбэтэр саҥа үөрүйэххэ бэйэ дьыалатын уонна кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ социальнай хантараагы түһэрсибиттэр эмиэ уһуллуохтарын сөп.