21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Быйыл оттооһун хаамыыта хайдаҕый?

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Оттооһуҥҥа быйылгы былаан 435 тыһыынча туонна. «Былырыыҥҥытааҕар хаалан иһэбит», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр эттэ.

Былааны толорор туһуттан, мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин күүһүрдүөхтэрэ.

— От ыйын саҥатыгар кураан күннэргэ илин эҥэр уонна киин улуустар отчуттара ходуһаҕа хойутаан киирдилэр. Кураан буолан, от ситэ илик этэ. Ардахтар кэннилэриттэн от үүнүүтэ үчүгэй буолуо диэн эрэнэбит. Билиҥҥитэ 2,5 тыһыынча туонна от кэбиһилиннэ диэн отчуоттаатылар, бу былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр аҕыйах. Ол эрээри, аграрийдар былааны толоруохтара дии саныыбын, — диэн кини эттэ.

Ыраах сытар, суола-ииһэ суох, тиэхиникэ тиийбэт ходуһаларыгар мобильнай биригээдэлэр баран оттууллара үтүө үгэскэ кубулуйбута.

Былырыын 466 тыһыынча туонна от оттоммута, ол иһигэр, мобильнай биригээдэлэр 34,6 тыһыынча туонна оту, 28,5 тыһыынча туонна сиилэһи, 15,7 тыһыынча туонна сенаһы бэлэмнээбиттэрэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА