2023 сыл бүтүөр диэри бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 4 мэдиссиинэ эбийиэгэ тутуллан, үлэҕэ киириэҕэ диэн Саха сирэ суруйар.
Вице-премьер Дмитрий Садовников тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ, ол түмүгүнэн мунньаҕы ыытта.
210 куойкалаах Өрөспүүблүкэтээҕи онкологическай диспансер тутуллан бүтэн эрэр. Соторутааҕыта премьер-миниистир Михаил Мишустин быһаарыытынан, манна федеральнай бүддьүөттэн 1,2 миллиард солкуобай көрүллэн турар.
Муома улууһун Хонуу бөһүөлэгэр күҥҥэ 104 киһини көрөр поликлиникалаах, 22 куойкалаах балыыһа, Чурапчы сэлиэнньэтигэр балыыһа комплекса, Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр күҥҥэ 200 киһини көрөр поликлиника тутуллан киириэхтээхтэр.
— Бу эбийиэктэр тутуллан бүтэллэрэ кыра хаалбыт. Тутар хампаанньалар кэккэ кыһалҕалары көрсүбүттэр, сүрүннээн оробуочайдар тиийбэттэрэ уонна анал тэрил суоҕа буолбут. Ол эрээри, бу кыһалҕалар быһаарыллар кыахтаахтар. Бэдэрээтчиттэр бу эбийиэктэри тохсунньуга тутан киллэриэхпит диэн эрэннэрэллэр, ол кэнниттэн лицензированиеҕа үлэ барыаҕа, — диэн Дмитрий Садовников эттэ.
Билигин Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын 5 эбийиэгэ тутулла турар. Ол иһигэр Уус-Маайа сэлиэнньэтигэр күҥҥэ 104 киһини көрөр поликлинкалаах, 45 куойкалаах балыыһа комплекса тутулла турар. Быйыл тутуллан киириэхтээх этэ да, сирэ хамсаан, 2024 сыл бастакы кыбаарталыгар көһөрүллүбүтэ.
«Доруобуйа» национальнай бырайыак 2019 сылтан үлэлиир. Бу кэм устата Саха сиригэр Перинатальнай киин, Кардиологическай диспансер, 2 оройуоннааҕы киин балыыһа, 65 быраастаах амбулатория уонна биэлсэр-акушер пууна тутулуннулар. 229 анал массыына, ол иһигэр 16 мобильнай комплекс, 663 мэдиссиинэ анал тэрилэ ылыллыбыттара.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата