Бу кыһын Саха сиригэр 60 кыраадыс тымныы бэлиэтэнэ илик. Бу туһунан Саха сиринээҕи метеорология управлениета иһитиннэрэр.
«Социальнай ситимнэргэ ханна эрэ халлаан лаппа тымныйбытын мэктиэлииллэр. Ол эрэн биһиги анал тэриллэрбит 60 кыраадыстан тымныйыыны быйыл көрдөрө иликтэр. Билиҥҥитэ муҥутаан -58 кыраадыс бэлиэтэммитэ баар», — диир метеосулууспа салайааччытын солбуйааччы Татьяна Маршалик.
Метеоролог Дьокуускайга икки ыстаансыйа: биир Гимеиҥҥа, биир аэропортка баарын, кинилэр ардыларыгар араастаһыы үс-биэс кыраадыс буоларын эттэ.
«Быйыл дьикти көстүүнү бэлиэтээтибит. Тохсунньу 1-2 күннэригэр Гимеиҥҥа 32 кыраадыс тымныыны көрдөрбүтэ. Халлаан күннээх, тумана суох этэ. Ити кэмҥэ аэропортка -44 этэ. Балтараа суукка устата ыстаансыйалар 12 кыраадыс араастаспыттара. Маннык урут бэлиэтэнэ илигэ», — диир Маршалик.
Метеоролог маннык уһун тымныылар 2006 сыллаахха буолбуттарын эттэ.
Синоптиктар сабаҕалааһыннарынан чугастааҕы 7-10 хонукка халлаан тымныытын тутан туруо. Өрөспүүбүлүкэ сорох өттүгэр кылгастык сылыйан ылыан сөп.