24 Сэтинньи 24.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Быйыл 14 саҥа оҕо саада үлэҕэ киириэ

17:01, 18 августа 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл Саха сирин үрдүнэн барыта 14 саҥа оҕо саада үлэлиэ. Итини таһынан, 1155 дьааһыла саастаах оҕо эбии миэстэнэн хабыллыа. Бу туһунан СИАҕа үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


«Демография» национальнай бырайыак көмөтүнэн Саха сиригэр 8 оҕо саада үлэҕэ киириэ. Бу сыл кулун тутар, муус устар ыйдарыгар Дьокуускай куорат 203 кыбаарталыгар 85, Таатта Баайаҕатыгар 80 миэстэлээх оҕо саадтара аһыллыбыттара.

Сыл бүтүөр диэри Алдан «Күннээх» түөлбэтигэр, Нам Хамаҕаттатыгар, Дьокуускай «Новопортовской» оройуонугар, Уус Алдан Бороҕонугар, Өлүөхүмэ куоратыгар уонна Амма Өнньүөһүгэр оҕо уһуйааннара тутуллан, үлэҕэ киириэхтэрэ.

Саха сирин үрдүнэн барыта 14 саҥа оҕо саада үлэлиэ. Итиннэ 1745 миэстэ тахсыа.

Үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев үһүгэр диэри саастаах оҕолорго чааһынай оҕо саадтарыгар эбии миэстэ таһаарарга субсидия көрүүтүгэр мунньах ыытта.

«Сылын аайы оҕолор уһуйаанынан хабыллалларыгар федеральнай үптэн субсидия көрүллэр. Быйыл ити суумма кээмэйэ 36 649 800 мөл солкуобай. «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн көрүллэр харчынан  1155 балтараатыттан үһүгэр диэри саастаах оҕолор уһуйаанынан хабыллар кыахтаныахтара», — диэтэ миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА