«Вездеходы Макарова» собуот «Бурлак» вездехода Саха сиригэр Арктикатааҕы быыһыыр кииҥҥэ бэрэбиэркэни ааһар. Билиҥҥи туругунан тоһуттар тымныыны тулуйсар. Чинчийии салгыы ыытыллар, СИА-ҕа ЫБММ регионнааҕы салаата иһитиннэрдэ.
Техниканы бэрэбиэркэлээһин Россия ЫБММ уонна «Вездеходы Макарова» собуот дуогабардарыгар олоҕуран ыытыллар. Арктикатааҕы киин быыһааччыларыгар вездеходу 2020 сыл ахсынньытыгар тиксэрбиттэрэ. Сорук — тымныыга тулуһуутун бэрэбиэркэлээһин.
«Бурлак» икки тыһыынча километры айаннаата, өссө аҕыс тыһыынчата хаалла.
«Билиҥҥи туругунан сэмэ бэлиэтээһин суох. Тырааныспар биһиги томороон тымныыбытыгар тулуһарын көрдөрөр», – диэтэ Роман Лысенко, киин 1-кы кылаастаах быыһааччыта.