Россия 62 региона бурдуктаах култуураны үүннэрэллэригэр уопсайа 10-тан тахса млрд солк өйөбүл ылыахтара. Уураахха дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата, суруйар «Парламентская газета».
Россия регионнарыгар бурдугу үүннэриигэ көрүллэр үбүлээһин оҥорон таһаарыы иэниттэн тутулуктаныаҕа.
Регионнааҕы былаастар үбү олохтоох оҥорон таһаарар хампаанньаларга тиксэриэхтэрэ. Ол түмүгэр аграрийдар бурдук, эбиэс, дьэһимиэн уонна кукуруза олордуутугар көрсөр ороскуоттарын 50% компенсациялыахтарын сөп.
«Саҥа механизм бу эйгэ сайдыытыгар усулуобуйа тэрийэр, эбии инвестицияны киллэриигэ көҕүлүүр. Аска-үөлгэ куттал суох буолуутун быһаарар, ис ырыынакка бурдукка сыананы тэҥниир», – диэтэ Михаил Мишустин бырабыыталыстыба мунньаҕар.