Саха сиринээҕи экология министиэристибэтэ биолог-охотовед А.И. Максимов аатынан куонкуруска докумуону хомуйууну саҕалаата. Бултанар кыылы-сүөлү харыстааһыҥҥа субсидия өрөспүүбүлүкэ баһылыгын грана буолар.
Экология министиэристибэтэ ыытар куонкуруһугар докумуону тутуу кулун тутар 2 күнүгэр диэри кумааҕынан уонна электроннай көрүҥүнэн тириэрдиллэр.
Граннар булт хаһаайыстыбаларын уонна булчуттары булду (туйахтаахтары уонна күндү түүлээхтэри) харыстааһыҥҥа көҕүлүүр сыалтан ананаллар. Маны сэргэ норуот хаһаайыстыбатыгар хоромньуну оҥорор адьырҕа кыыллары учуоттааһыҥҥа, дьиикэй кыыллар ахсааннарын чуолкайдааһыҥҥа көрүллэр. «Обеспечение экологической безопасности, рационального природопользования и развитие лесного хозяйства Республики Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» бырагыраама үлэлиир.
Куонкуруһу хамыыһыйа быһаарар. Кыайыылаахтарынан критерийдарынан саамай элбэх баалы ылбыттар ааттаналлар.
Балаһыанньаны манна билис.