Бу нэдиэлэҕэ Дьокуускайга суоллары уонна олорор олбуордар истэрин аспааллааһын түмүктэниэҕэ

Нэдиэлэ бүтүөр диэри Дьокуускайга дьон олорор олбуордарын истэрин уонна суоллары аспааллааһын түмүктэниэхтээх. Ол туһунан СИА «Дьокуускай» ТГ-ханаалга олоҕуран суруйда.

Былааннаммыт иэнтэн үлэ олбуордарга 6% уонна суолларга 1,5% туолбата. «Аспааллааһын үлэтэ бу нэдиэлэнэн түмүктэниэҕэ. Халлаан туругуттан тутулуктаах. Аспаал ууруутун технологията тутуһуллуохтаах. Хантараактар, мэктиэ суруктар барыта сөп түбэһиэхтээхтэр», — диэтэ куорат планеркатыгар «Главстрой» тэрилтэ дириэктэрэ Алексей Варламов.

This post was published on 10.10.2022 11:28 11:28