Бүгүҥҥү күҥҥэ хоту тоҕус улууһуттан сэттэтигэр ас тиэрдилиннэ. Ахсынньы 29 күнүгэр былааннаммыттан элбэх таһаҕас тиийиэ.
«Таһаҕас Аллайыаха, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Кэбээйи, Аллараа Халыма, Орто Халыма улуустарыгар толору тиэрдилиннэ. Бүгүн сарсын Муома, Усуйаана улуустарыгар сырыы баар. 29 чыыһылаҕа былааны толорор соруктаахпыт», — диэтэ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьев.
Бу күҥҥэ барыта 22 сырыы (26 былааннаммытыттан) оҥоһуллубут. 45 876 киилэ араас табаар тиэллибит. Бүгүн-сарсын «күөх рейстар» Муома, Усуйаана улуустарыгар оҥоһуллуохтара. Уопсайа 11,2 туонна оҕуруот аһа, фрукта тиэрдиллэрэ былааннанар.