Уус Алдаҥҥа улуус дьаһалтатын дьиэтин актовай саалатыгар «Кыайыыны уһансыбыт ытык ийэлэр» кинигэ сүрэхтэниитигэр дьоруойдар сыдьааннара, уруулара-аймахтара кытыннылар.
Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дириэктэрэ Варвара Окоемова: «Кинигэҕэ Аҕа дойду улуу сэриитигэр үстэн элбэх уолун атаарбыт, сүтэрбит, «Оҕолорум, баҕар, эргиллэн кэлиэхтэрэ» диэн олохторун тиһэх күннэригэр диэри күүппүт ытык ийэлэр тустарынан кэпсэнэр», — диэтэ.
Кинигэҕэ чинчийэр-көрдүүр экспедиция чуолкайдаабытынан 178 ийэ аат-суола, кинилэр сэриигэ барбыт оҕолорун туһунан хаартыскалаах иһитиннэриилэр киллэриллибиттэр. Ол иһигэр Уус Алдан улууһуттан 28 ийэ, олортон 18 ийэ туһунан толору суруллубут. Экспедиция өрөспүүбүлүкэни барытын хабан үлэлээтэ.
«Кыайыыны уһансыбыт ытык ийэлэр» бырайыагы салайааччы, кинигэни хомуйан оҥорбут Маргарита Петрова уодаһыннаах сэрии содулуттан самныбатах ийэлэр сырдык ааттара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана туруоҕа диэн эппит.
Дьоро күн түһүлгэтигэр кинигэ эрэдээктэрэ Иван Ксенофонтов, Ем. Ярославскай аатынан хотугу норуоттар култуураларын уонна историяларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай музейын наукаҕа үлэһитэ Николай Федоров, Бороҕоннооҕу история музейын үлэһитэ Альбина Афанасьева, о.д.а. ыалдьыттаабыттар.
Кинигэ «Якутия» медиа-холдиҥҥа 1000 тираһынан бэчээттэммит.
Мүрү 1 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ дууһа кылын таарыйар хоһооннору аахтылар, ырыалары ыллаатылар.
Долгутуулаах тэрээһини кииннэммит библиотека тиһигэ, «Россия ийэлэрэ» хамсааһын, «Билии» уопсастыба улуустааҕы салаалара тэрийдилэр.