24 Алтынньы 24.10
  • -1°
  • $ 81,27
  • 94,39

Больничнай төлөбүрэ тохсунньу 1 күнүттэн улаатыаҕа

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
2026 сылга хамнас төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) үрдүүрүнэн, быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии босуобуйатын алын кээмэйэ эмиэ улаатыаҕа, диэн РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир Финансовай университет доцена Игорь Балынин aif.ru-ка кэпсээтэ, суруйда Саха сирэ саайт.

«Быһа холоон, 2026 сыллаахха МРОТ 27093 солкуобайга диэри үрдүөҕэ диэн күүтүллэр. Быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии күннээҕи босуобуйатын алын кээмэйэ МРОТ-у сөптөөх ый халандаарынай күннэрин ахсааныгар түҥэтэн быһаарыллар. Онон, 30 хонуктаах ыйдарга (муус устар, бэс ыйа, балаҕан ыйа, сэтинньи) кээмэйэ 903,10 солк. тэҥнэһиэҕэ (2025 сыллаахха – 748 солк.)», – диэн кини быһаарда.

Эспиэр этэринэн, 2026 сыл олунньутугар (28 хонук) күннээҕи босуобуйа алын кээмэйэ 967,61 солк. буолуоҕа (2025 сыллаахха – 801,43 солк.). «31 хонуктаах ыйдарга (тохсунньу, кулун тутар, ыам ыйа, от ыйа, атырдьах ыйа, алтынньы, ахсынньы) быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии күннээҕи босуобуйатын алын кээмэйэ 873,97 солк. тэҥнэһиэҕэ (723,87 солк.)», – диэн Балынин чуолкайдаата.

Экэнэмиис «орто күннээҕи хамнас алын кээмэйэ» 24-дү МРОТ-ка төгүллээн баран, 730-ка түҥэтэн ааҕылларын бэлиэтээтэ. Онон, МРОТ = 27093 солк. буоллаҕына, «орто күннээҕи хамнас алын кээмэйэ» 890,73 солк. буолар (2025 сыллаахха – 737,75 солк.).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА