Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Благовещенскайга дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин кыттыылаах Уһук Илин социальнай-экономическай сайдыытын тула мунньах кэмигэр «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама салгыы сайдыытын туһунан кэпсэтиигэ Ньурбаттан урбаанньыт Павел Потапов кыттыыны ылла.
Павел 2017 сыллаахха суол кытыытынааҕы комплекс туттаары «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан сир ылбыт. Бу саас аһыллыбыт комплекс автосервистаах, массыына шинатын өрөмүөннүүр сыахтаах, автомойкалаах. «Учаастакка дьыала тэринэргэ хайаан да урбаанньыт буолар наадата суох, бэйэ дьарыктаах буолуу (самозанятый) статуһа да барсар. Ити Уһук Илиҥҥэ бэйэтин дьыалатынан дьаыктаныан баҕарар дьоҥҥо олус туһалаах көмө. Ыарахаттартан толлубакка саҕалыахха уонна ис сүрэхтэн баҕаран туран үлэлиэххэ наада«, — диир Павел Потапов. Кини сир ылыыта судургу этэ диир.
Мунньахха урбаан тиэмэтигэр улахан болҕомто ууруллубут, ордук «Уһук Илиҥҥи гектар»-га бэйэ дьыалатын тэриммит дьоҥҥо.
«Урбаанньыттар үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Ким эрэ балык, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар, ким эрэ дьиэ тутуутунан. Кыһалҕалаах боппуруостарын ыйан туран, бырагырааманы чочуйар этиилэр этилиннилэр«, — диир Павел.
Росстат этэринэн «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааматынан территория үс гыммыт биирэ эрэ туһаныллыбыт. Манан сибээстээн Мишустин «гектарга» ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар урбаанньыттарга эбии сир биэрэр туһунан эппитин Павел кэпсиир. «Өскөтүн ити этии олоххо киирдэҕинэ үүнэргэ-сайдарга кыах баар буолуо этэ«, — диир урбаанньыт.
Уһук Илиҥҥэ «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама көмөтүнэн 83 тыһ.тахса киһи сир учаастагын ылбыт. Улахан аҥардара сиргэ дьиэ туттубуттар, тыа хаһаайыстыбатын тэриммиттэр, урбаанынан, ол иһигэр туризымынан дьарыктаммыттар.