22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Билим": «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхоҕо ханыы тыл иккис тылын оруола

11:02, 24 сентября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхоҕо ханыы тыл иккис тылын оруолун учуонай Надежда Гуляева ырытта. Үлэ сыала ханыы тыл иккис тылын оруолун быһаарыы. Олоҥхоҕо көстөр ханыы тыллар үөскүүр араастара: синиэньим, онтуоньум, ууһунан суолталаах, уопсай уонна чопчу суолталаах, ону сэргэ икки тыл иккиэн суолталаах, иккис тыла суолтата суох, икки тыл иккиэн суолтата суох ханыы тыллар.

Туһаныллар тыллар: ханыы тыл, синиэньим, онтуоньум ууһунан суолталаах ханыы тыл, икки тыл иккиэн суолталаах ханыы тыл, иккис тыла суолтата суох ханыы тыл, икки тыл иккиэн суолтата суох ханыы тыл.

 Ааптар: Гуляева Надежда Владимировна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн аспыраана

Ханыы тыллар түҥ былыргыттан баар тыллар буолалларын түүр пааматынньыктарын суруктара туоһулууллар. Ханыы тылга билиҥҥи кэмҥэ суолтатыгар, тутулугар, туттуллуутугар болҕомто ууруллар.

Е.И. Убрятова аан маҥнай саха тылыгар ханыы тылы дириҥник ырыппыта. Кини кэнниттэн чинчийээччилэр ханыы тылга бэйэлэрин тус бэлиэтээһиннэрин киллэрбиттэрэ.

Е.И. Убрятова ханыы тыл бэйэ-бэйэтигэр чугас суолталаах тыллартан турарын бэлиэтиир. Кини «Парные слова в якутском языке» диэн үлэтигэр ханыы тыл үөскүүрүгэр бэйэтэ туспа эйгэлээх буоларын, үс арааһын ыйар: синиэньим, онтуоньум уонна ууһунан суолталаах ханыы тыллар. Ону сэргэ ханыы тыл икки тыла иккиэн суолталаах, биир тыла суолтата суох уонна икки тыла иккиэн суолтата суох бөлөхтөргө арахсар диэн быһаарар [6, с. 182].

Н.Д. Дьячковскай ханыы тыл этимологиятын уус-уран литэрэтиирэ тылыгар кэтээн көрбүтэ. Кини уопсайа 50 кэриҥэ тыл суолтатын, түүрдүү уонна моҥгуоллуу төрүтүн быһааран суруйбута. Саха тылыгар икки тыла иккиэн тус суолтата суох тыллар моҥгуол тылыгар суолталаахтарын ыйар. Холобур: аа-дьуо // моҥг. аажуу «неторопливый, медлительный, неповоротливый, спокойный, медленный, тишина, тихо, медленно» [2, с. 42].

Г.С. Биткеева, П.Ц. Биткеев «Парные слова в монгольских языках» диэн ыстатыйаларыгар ханыы тыл суолтатыгар болҕомто уураллар. Синиэньим, онтуоньум, ууһунан суолталаах ханыы тыллар моҥгуол тылларыгар үөскээһиннэрин быһаараллар. Уопсай уонна чопчу тыллар холбоһуктарыттан үөскүүр ханыы тыл моҥгуол тылыгар көстөр. Холобур:  орн-нутг «страна, государство» / букв. орн «страна, государство», нутг «родное место / кочевье»; өл хоол «пища, питание» из өл «питательность» и хоол «пища», өвөс бордоо «фураж, корм скоту» из өвөс «сено, трава» и бордоо «корм» [1, с. 12]. Манна көстөрүнэн чопчу суолталааҕа бастакы турар уопсай суолталааҕа иккис турар. Иккис уопсай суолталаах тыл эбии суолтаны эбэн, күүһүрдэн дэгэттээн биэрэр. Уопсай суолталааҕа ханыы тыл суолтатын кэҥэтэн биэрэр.

Олоҥхоҕо ханыы тыл үгүстүк туттуллара бэлиэтэнэр. «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхоҕо уопсайа – 547 ханыы тыл туттуллубут. Олоҥхоҕо туттуллубут ханыы тыл иккис тылын оруолун кэтээн көрөр соругу туруорунабыт.

«Тойон Дьаҕарыма» олоҥхоҕо синиэньим ханыы тыл – 47 %, холобур: кыымаайы-ньаалаҕай, кыайан-хотон, буурҕа-холорук уо.д.а. Онтуоньум ханыы тыл – 8 %, холобур: илинтэн-арҕааттан, иһирдьэ-таһырдьа, күнүстэри-түүннэри уо.д.а. Ууһунан суолталаах ханыы тыл – 45 %, холобур: ойуулаах-оһуордаах, буордары-сыыстары,

Икки тыла иккиэн суолталаах ханыы тыл – 92 %, холобур: аҕыс-сэттэ, айан-сырыы, алаас-сыһыы уо.д.а., иккис тыла суолтата суох ханыы тыл – 7,5 %, холобур: килбэх-илбэх, көр-нар, кыһыах-иһиэх уо.д.а., икки тыл иккиэн суолтата суох ханыы тыл – 0,5 %, холобур: иэми-саамы, түҥ-таҥ, уоку-чуоку уо.д.а.

Синиэньим ханыы тылга иккис турар тыл күүһүрдэр суолтаҕа туттуллуута. Холобур, тэҥ суолталаах синиэньим ханыы тыл: Аҕыыр-баҕыыр. Акыр [от акый; ср. бокур] акыр букур кривогорбый; акыр букур силистээх алаас сыһыы Худ. Поле, окаймленное деревьями с кривогорбыми корнями. Акый несколько сгорбиться (по-стариковски): акыйан турар стоит сгорбившись [4, Т. 1, с. 61]. Баҕыр [русск.] багорь, крюк Пор. (ср. бакыр во 2-ом значении) [4, Т. 1, с. 330-331]. Бакыр [от бакый; ср. бокур]. 1. Кривой, изогнутый; бакыр атах кривая нога; такыр-бакыр скорченный ДП.; 2. Крюк Б. (ср. баҕыр) [4, Т. 1, с. 346]. Аҕыс дьааҥы хатыырын таҥнары сахсыйбыт курдук аҕыс аҕыыр-баҕыыр тыҥырахтаах. [3, c. 111].

Онтуоньум ханыы тыл икки тыла иккиэн тэҥ суолталаах буолаллар. Холобур: Көтөрдүүн-сүүрэрдиин. Көтөр-сүүрэр, көтө сылдьар көтөрдөр уонна дьиикэй кыыллар барылара. Птицы и звери (вольные, дикие – в совокупности). [4, c. 388]. Ханыы тылга иккис тыла эбиллиитигэр көтөр уонна сүүрэр диэн тыллар суолталарын түмэн, күүһүрдэн кынаттаах уонна сүүрэр атахтаах барыта диэн биэрбит.

Ууһунан суолталаах тыл ханыы тылы үөскэтэр. Холобур: иһитин-хомуоһун, майгым-суобаһым, ойуулаах-оһуордаах. Ууһунан суолталаах ханыы тылга иккис тыла эбии суолтаны биэрэр: иһит барыта, майгым сиэрим бүтүннүү, ойуулаах мандардаах барыта. Иһит – уопсай, хомуос – чааһынай, майгы – уопсай, суобаһым – чопчу, ойуу – уопсай, оһуор – чааһынай. Чааһынай суолта дэгэттиир, күүһүрдэр оруолу толорор.

Иккис тыла суолтата суох уонна икки тыл иккиэн суолтата суох ханыы тыл компонена доҕуһуол тыл буолар. Холобур, иккис тыла суолтата суох ханыы тыл: Аймыы-саймыы. Айдаар, күүгүнээ. Саймаа [ср. сиймээ, джаг. Сайна разбросать, рассеять, саг. койб. Сайба смешать, разболтать] переливать Пор.; встречено только в соединении с аймаа [5, Т. 2, с. 2027]. Аан ийэ дайдыны атыйахтаах уу курдук аймыы-саймыы хаамтылар [3, c. 174]. Холобур, икки тыла иккиэн суолтата суох ханыы тыл: көм-сам. Томточчу, толору, халыҥ, көп. Неплотный, рыхлый. [3, c. 254] Сототун тас өттүнэн сулбу ойутан таһааран көм-сам уопта, күөгэл-хааҕал көрдө [3, с. 45]. Икки тыла иккиэн суолтата суох  тыл дэгэт суолтаны биэрэр.

Ууһунан суолталаах ханыы тыл уопсай уонна чопчу суолталаах тыллар холбоһуктарыттан үөскээһинэ, холобур: алаас-сыһыы, баһынан-өйүнэн, буордары-сыыстары, кус-хаас уо.д.а. Кус-хаас: кус уопсай суолта, хаас чопчу суолта эбилик суолта буолар. Буордары-сыыстары: Буор толору суолталаах, сыыс диэн эбилик суолта.

Ханыы тылга икки тыл суолтата эбиллэн киэҥ суолталаах тылы үөскэтэр. Үксүгэр, ханыы тыл хомуур суолталаах. Иккис тыл ханыы тыл суолтата кэҥииригэр күүһүрдэр оруоллаах. Үксүгэр, биирэ чопчу уонна уопсай суолталаах буолар эбит. Онтуоньум ханыы тыл икки тыла иккиэн чопчу суолталаах буолар. Икки чопчу тыл суолталара холбоһон күүһүрдэр суолтаҕа туттуллаллар. Иккис тыл суолтата суох уонна икки тыл иккиэн суолтата суох буоллахтарына, ханыы тыл күүһүрдэр, дэгэт суолталанар.

Литэрэтиирэ

  1. Биткеева Г.С., П.Ц. Биткеев. Парные слова в монгольских языках / Исследования по грамматике монгольских языков. 1985. – С. 3-15.
  2. Дьячковский Н.Д. Сахабыт тылын сайдыытын торумнаан. – Дь.: Саха гос. изд-та, 2009. – 230 с.
  3. Новиков В.М. Тойон Дьаҕарыма. – Якутск: Якутское книжное изд-во, 1959. – 328 с.
  4. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. 3-е изд-е 1 том. СПб.: Наука, 2008.
  5. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. 3-е изд-е 2 том. СПб.: Наука, 2008.
  6. Убрятова Е.И. Избранные труды. Исследования по тюркским языкам. – Н.: изд-во НГУ, 2011. – 282 с.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА