Чинчийээччилэр көрүүлэригэр олоҕуран литератураҕа архетип-уобарас, архетип-матыып өйдөбүллэрэ көрүллэр. Литературнай жанрдарга барытыгар архетип-уобарастар, архетип-матыыптар туттуллаллар. Литератураҕа архетипическай уобарастарга, матыыптарга туһаайыы норуот үйэтин тухары оннунан хаалларбыт философскай көрүүлэрин сэгэтэн көрөргө холонуу буолар. Ол аата суруйааччылар бэйэлэрин архетическай уобарастарыгар, матыыптарыгар норуот өйүн-санаатын национальнай уратытын уонна уопсай киһи сыаннастарын кытта араастаһыыларын киллэрэллэр, историзм кыраныыссатын кэҥэтэллэр уонна билиҥҥи чахчыны ойуулуурга саҥа сыһыаны булаллар. Бүгүн «Билим» таһаарыыга «Алаадьы» кылгас кэпсээнин холобуругар Наталья Михалева – Сайа прозатын баай ойуулуур-дьүһүннүүр өрүтүн көрөбүт.
Ааптардар:
Окорокова Варвара Борисовна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрэ, билэлиэгийэ дуоктара
Давыдова Олимпиада Николаевна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн М-ЛНРФ-20 бөлөх маҕыстыраана
Күлүүс тыллар: архетип, “первообразы”, миф, литература «үйэлээх уобарастара», архетип-уобарас, архетип-матыып, норуот өйүн-санаатын национальнай уратыта.
1919 сыллаахха К.Г. Юнг аан бастакынан “архетип” диэн тиэрмини киллэрбитэ. “Архетипы – образы мифов превратились в архетипы, стали основой всего последующего художественного творчества… Архетипы не только как “первообразы”, но и как “вечные образы” литературы», – диэн Л.И. Воронцова быһаарар [2, с. 391]. Оттон С. Аверинцев маннык этэр: “Архетипы – это не сами образы, а схемы образов, их психологические предпосылки, их возможность…” [1, c. 115].
Сайа кэпсээнигэр архетип-уобарастар элбэхтэр. Ол туһунан А. Гуринов – Арчылан маннык бэлиэтээн турар: “…Сайа, итинник майгылаахтык суруйан ааҕааччыны архетипка олоҕуран толкуйдуурга туһулаабыт” [5].
Онон Сайа кэпсээнин дьиҥ ис хартыынатын көрөргө бастаан архетип-уобарастарын булан көрүөххэ наада, архетип-уобарастар кэпсээн номоҕун дьэҥкэтик өйдүүргэ ааҕааччы хараҕын аһаллар.
Уот архетип-уобараһа. Саха итэҕэлинэн, уот эйгэтэ айылҕа биэс эйгэтиттэн биирдэстэрэ. Умайа сылдьар эйгэ. Саамай чараас эйгэ быһыытынан биллэр. Бу эйгэ айылҕа атын иччилэригэр – айыыларга тылбаастаан биэрэр кыахтаах. Киһи иччилэри, айыылары кытта уот нөҥүө кэпсэтэр. Ону уот айыыларга тиэрдэр. Саха өйдөбүлүгэр уот сылааһы, сырдыгы биэрэр күүс. Бу кэпсээҥҥэ уот – алдьатар күүс курдук көстүүтэ оччотооҕу көмүскэтэрэ-харыһыйтарара суох буолбут саха олоҕун иэдээнин (трагедиятын) курдук ылынар: «Ол аата сэриигэ барбыт кини аҕата Сэмэни, таайа Дьөгүөрү, ырыаһыт Чоргулланы барыларын сэрии уоттаах айаҕа ыйыстан кэбиһэр». «Оннук гымматахтарына сэрии уотунан уһуурар силлиэтэ күүһүрдэн күүһүрэн, сотору аан талҕа буолан таҥнары саккырыыр уонна сир үрдүгэр баар тыынар тыыннааҕы ордорбокко имири эһэр» [6]. Уот сэрии бүтүн киһи аймахха улахан алдьаныыны-кээһэниини, олоҕор өлүүнү-сүтүүнү таһаарар. Ол иһин уот архетип-уобараска бүтүн киһи аймах иннигэр иэдээн тирээбитэ, алдьархай ааҥнаабыта көстөр. Икки атахтаах дьиҥ айылгытыттан тэйэн, маннык иэдээҥҥэ түбэспитин кэрэһиттиир бэлиэ буолар.
Айыы бухатыырын архетип-уобараһа. Олоҥхоҕо кэпсэнэр Айыы бухатыыра – “күн улууһун, айыы аймаҕын көмүскээччи”, өстөөҕө – “абааһы ааттааҕа”. Бу архетип-уобараска дьиҥнээх олох чахчылара киһи санаатын алыбынан айыллыбыт уобарастардыын дьиктитик силбэһэллэр: “Айыы бухатыыра абааһы ааттааҕын кытта охсуһарыгар күн көстүбэт күдэнэ оргуйбутун, дэриэспэ таас тибиилэр типпиттэрин, халлаан тордуйалаах уу курдук тоҕо ытыллыбытын чугастааҕы ыаллартан хомуллан киирбит хас да оҕо сирэй-харах чаҕылыһан истибиттэрэ! Сэрии, бука, эмиэ онтон итэҕэһэ суох иэдээн буолуохтаах! Өссө сөмөлүөттээх, саалаах, буускалаах, олох да улахан алдьархай буоллаҕа! Бүөккэ аҕата Сэмэн хайаан да ол Айыы бухатыырын курдук ньиэмэстэри кырга сылдьар. Кини ону хайдах суруйа олоруой? Уоттаах сэриигэ кумааҕы барыта утары умайа турара буолуо дии! Ол иһин саллааттарга кумааҕы биэрбэттэр…” [6]. Бу архетип-уобарас “Икки атахтаах Ийэ сирин иннигэр кинини харыстыыр, араҥаччылыыр ытык иэстээх” диэн бэлиэ, саха саллаатын уобараһын суолтатын кэҥэтэн биэрэр суолталаах. Кырачаан уол аҕатын улуу күүстээх көмүскээччи курдук саныыр.
Балаҕан архетип-уобараһа. Бу балаҕан Бүөккэ ийэтин ийэ уонна салгын кутун барыытын миэстэтэ буолар: “Балаҕан иһин үдүк-бадык сырдыгар ийэтин сирэйэ дьэҥкэрэн туртайан сытар… Туох эрэ дьулааны кистээбит им-дьим чуумпу кини таһыгар олохсуйбут. Балаҕан муннуктарыттан хойдон, ийэтин оронун улам төгүрүйэн эрэр ол ыар тыыннаах ынырыгы уол сүрэҕэ эмискэ сэрэйэн,тиҥиргэччи тэбиэлээн кэллэ, «ийээ» дии-дии, саба түһээри гына-гына дугдуруҥнуу турда” [6]. Киһи өлөрө, бастатан туран, Айыылартан утумнаах. Итэҕэл быһыытынан, күн анныгар тыыннаах буолуу төрүтэ – ийэ кут. “Киһи – эт-хаан, өй-санаа, майгы-сигили биир түмүк баайыллыбыт айылҕа икки айыы икки уустук айыыта буолар” диэн бэлиэ. Балаҕан саха киһитин араҥаччылыыр уйата буолар. Оҕо балаҕанын иһигэр көмүскэллээх, ол да буоллар манна да хараҥа киирэн киниэхэ сабардыыр кутталлаах.
Дьиэ архетип-уобараһа. Саха итэҕэлинэн, дьиэ иһигэр сүр мустар сирэ. Сүр – айыылар биэрэр күүстэрэ. Бу күүс киһини тыыннаах оҥорор. Айымньыга бу дьиэҕэ ураты тыын баара көстөр: «Күөл уҥуоргу дьиэ үөлэһиттэн үрүҥ буруо унааран тахсара көстөр. Бүөккэ ол туран ол дьиэттэн дыргыйа тарҕыыр алаадьы сытын чараас таныытынан хабан ыларга дылы гынна. Өстүөкүлэ түннүктэр ымсыырда, маачыктыы сааскы күн сардаҥаларынан хабылык оонньуу күлүмүрдэһэллэр» [6]. Бу дьиэҕэ Аан Алахчын бэйэтинэн олорор: «Биллэрик ороҥҥо симсэн олорон кини хас хамсаныытын ааҕа кэтиир оҕолор харахтарыгар эбэлэрэ остуоруйаҕа кэпсэнэр араҕас арыы далбардаах Аан Алахчын Хотун буолан көстөр» [6]. Үтүө эйгэтэ диэн өйдөбүлү иҥэриммит бэлиэ. Оҕо дьиэтигэр эрэ тиийиэн наада. Ол гынан баран дьиэтигэр ситэ тиийбэккэ охтор, кинини маачыктыы, күүтэ турар дьиэтэ өйүгэр хаалар.
Аан архетип-уобараһа. Сахаларга былыр аан илин диэки баара, онон аанынан киирбит барыта үтүө бэлиэлээх буолар. Аан өттө, манан сырдык киирэр, манна олохсуйбут сүр үтүө сабыдыалы биэрэр. Айыылар биэрэр күүстэрэ, син биир сүр курдук. Киһи тыыны ылар буолан тыыннаах. Айыылар биэрэр тыыннара икки сиринэн кэлэр. Бастакы тыын айыы ситимин устун кэлэр, иккис тыын – айылҕа нөҥүө. Киһи тыына төһөнөн уһун да, олоҕо эмиэ соччонон уһун. “Айыы суолун тутуһар киһи норуотун үйэлээх үгэһин, сырдык итэҕэлин ылынар” диэн бэлиэ. Бу күөл уҥуоргу Миитэрэйдээх дьиэлэрин аанын кытта ситимнээх: “Ити кэмҥэ аан аргыый аҕай кыыкынаан-кыыкынаан аһылынна… Бүөккэчээн ыарахан халҕан арыычча аппайан биэрбит кыараҕас хайаҕаһынан кырыытынан буолан кыбылла сыһа-сыһа, аан модьоҕотун бэрт эрэйинэн атыллаан киирэн кэллэ” [6]. Бу дьиэҕэ киһи киһиэхэ үтүө сыһыана, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, өйөнсүү, саха киһитин үтүө үгэһэ баар. Бу дьиэ иһигэр «таҥхаччы кырдьыбыт Миитэрэй ийэтиттэн саҕалаан саллаакка барбыт уолаттарын ойохторо ыы кырбас оҕолорун кытта бары бииргэ суулаһан олороллор». Ол иһин даҕаны бу дьиэҕэ сырдык санаа уйаламмыт эбит. Н. Гуринов ол туһунан маннык этэн турар : “…ити “күөл уҥуор” олорор Миитэрэйдээххэ «төгүрүк» санаа уйа туттубут эбит” [5].
Суол архетип-уобараһа. Айымньыга күөл уҥуор барар “аҕыйах аҕай киһи быһалыы сылдьыбыт синньигэс утах суола”. Бүөккэ бу “ситии утаһын курдук синньигэс утах суолтан” туораан, хаарга киирэн «батыллан хаалар». Сахаларга киһи олоҕун суола диэн өйдөбүл баар. Бүөккэ бу суолга көрсүбүт эрэйэ-муҥа, ыарахаттара норуот дьылҕатын кытта ситимнэнэр, бүтүн норуот олоҕун суолун кытта хабааннааҕын көрдөрөр.Омук уһун үйэтин тухары олоҕун суола биир тэҥник баран испэт. Саха урааҥхай итэҕэлинэн тыыннаах буолан, “быста-быста салҕанан, өлө-өлө тиллэн” баччаҕа тиийэн кэлбитин кэпсиир бэлиэ. Итиннэ маарынныырдыы А.Гуринов бэлиэтээн ааһар: “…Бары биир “төгүрүк” үрдүгэр олордохпут. Киһи барыта ити кырдьыгы долоҕойугар тохтотон, сүрэҕинэн-быарынан ылынара эбитэ буоллар, бука, «уоһах алаадьылаах күөл уҥуор» барар “синньигэс утах суол” күнтэн күн кэҥээн хоролҕон суолга кубулуйуох этэ [5].
Сыыр архетип-уобараһа. Саха итэҕэлинэн, биир күн устата киһини 44 оһол күүтэр. Киһи Иэйэхситтээх буоллаҕына, ити оһолго түбэспэт. Бу кэпсээҥҥэ Бүөккэ «бэйэтин сыыра» сатаан туораабатах моһоло буолан көстөр: “Уол сыыр үрдээн тахсар кыра оллуруттан иҥнэн умса баран түстэ… Кини кылгас олоҕун устата төһөтө эмэ үөһэ-аллара сэмсээбит буор сыыра бу сырыыга суорба таас курдук туруору, сымара таас курдук дьэбир, ньыгыл таас курдук тыйыс буолан биэрдэ” [6]. “Оччугуй да оллуру кыайан туораабакка икки атах бүдүрүйэр” диэн бэлиэ.
Алаадьы, Күн архетип уобараһа. Алаадьы – саха төрүт аһа, байылыат олох көстүүтэ, үөрүү-дьол бэлиэтэ. Итии алаадьыга тиксибит оҕо ийэтин өрүһүйэр сыаллаах. Киниэхэ Алаадьы – Күн курдук күндү, алаадьы – олох…
Сир Ийэ архетип-уобараһа. Иэйэхсит киһини араҥаччылыыр, быстахха, оһолго түбэһиннэрбэт. Куһаҕантан сэрэтэр. Ол иһин киһи Иэйэхситэ баар буоларыгар дьулуһар. Ол туһунан Сайа айымньытыгар маннык киллэрэр: “Оччоҕо тоҕо орто туруу дойдуга олохтообуккунуй” диэн, айыы хаан аймаҕа хаһан эрэ халлаан таҥаратын кытта аахсан амалыйар күнүгэр Ахтар Айыыһыт буолан тахсан, ханар-ханар хааман унаар күөх уйгуну түстүүрүҥ, көҕүөрүнэн эмиийдээх, көмүскэстээх санаалаах Сир Иччитэ буолан тахсан өлөн эрэри өлбөт мэҥэ илгэҕинэн өрүһүйэн туруорарыҥ эбээт…” [6]. Иэйэхсит киһини харыстыыр, куһаҕаҥҥа түбэһээри гыннаҕына, сэрэтэр, биллибэт-көстүбэт дьайдар өтөн киирээри гыналларын тэйитэр. Ол иһин манна ааптар Күн Ийэ архетип-уобараһын киллэрэр. Бүөккэ ийэтэ “сыппыта ырааппыт”, “ыйар-кэрдэр”да кыаҕа суох буолбут. Бэйэтэ хам аччык сытан оҕотун аһатаары «чыы…эн…» диэн соруйан кини эмиэ Иэйэхсит курдук оҕотун араҥаччылыы, өрүһүйэ, быыһыы сатаахтыыр. Архетип-уобараска ийэтин дьүөгэтин эмиэ киллэриэххэ сөп. Кини Бүөккэни «ытаан сыҥырҕыы-сыҥырҕыы төбөтүттэн имэрийэр». “Сииргит олох бүттэҕинэ күөл уҥуор Миитэрэйдээххэ бараар диэн сүбэлиир. Сайа онно майгынныырдыы эмиэ этэр: “… дьүөгэтин балаҕаныгар үлэтин быыһыгар сүүрүүнэн кэлэ сылдьыбыт дьахтар баар буолуохтаах диэн кинини киллэрбитим уонна күөл нөҥүө олорооччу – нуучча олохтоох, өстүөкүлэ түннүктээх сэниэ ыалы оҕоҕо ким эрэ ыйан биэрэригэр дьүөгэ эрэ киирэ сылдьара тоҕоостоох буолан, кэпсээним бэйэтэ итиннэ иэҕэн аҕалбыта” [7]. Ол иһин көмөлөһөөччү, быыһааччы архетип-уобарас суолталанар. Ийэ өрүү өрө тутар, ис иһиттэн иэйэн таптыыр , таптыыр, тардыстар тугунан да солбуллубат өйдөбүллээх. Ол – төрөөбүт дойду уонна Ийэ. Киһи ити тыллары кытта ситимнээх тугу барытын олох ураты күндүтүн эргийэр киинин курдук сыаналыыр. Киһи олоҕо кырдьык да, ити икки тыл, өйдөбүл ситимин иһигэр эргийэр. Ол иһин Сайа Ийэ, Сир Ийэ архетип-уобарастарын киллэрбит. Икки атахтаах Ийэ сирин иннигэр кини харыстыыр, араҥаччылыыр ытык иэстээх. Айылҕата алдьаннаҕына, Аан дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун кэлэйэр, хомойор, киэр хайыһар. Сиэр-майгы диэн Айыы ирдэбилэ буолар. Суруйааччы мээнэҕэ эппэт: «Киһи аймах Сир Ийэтигэр сыһыана бу уолчаан Күн Ийэтигэр сыһыанын курдук бэйэмсэҕэ суох сырдык сыдьаайдаах эбитэ буоллар, кини да иччитэ икки атахтаах олоҕунан тэҥҥэ олорсуо, умнубут аарыма алгыстарын саныа, тохтоппут улуу туомнарын толоруо эбитэ буолуо…» [6]. Туом диэн айыылары кытта ситим. Туомунан киһи айыылары бэйэтигэр хайыһыннарар, сыыһаны оҥорбут буоллаҕына, туом оҥорон ол сыыһатын көннөрөр. Онон туом суолтата улахан. Дьэ, кэпсээммит ис номоҕо, сүрүн этэр санаата арыллан кэлэр. Сиэрдээх майгы умнуллар, үтүө үгэс кэһиллэр түбэлтэтигэр үөһээ дойду айыылара киэр хайыһаллар, оччоҕо киһи муҥнаах, айыылартан ситимэ быстан, түҥнэри төлкөлөнөр, дьулаан дьылҕаланар. Ол иһин бу кэпсээн олоҥхо курдук дьоҥҥо-норуокка үтүө быһыы, сиэр-майгы үөскүү, үүнэ, барҕара турарын сөпкө өйдүүргэ , ону бастыҥ үгэс оҥосторго ыҥырар, угуйар, үөрэтэр. Сайа бэйэтэ ол туһунан суруйан турар: «Хабыр кэм дьон бэйэ-бэйэтигэр сыһыанын тургутар. Ыарахан кэмҥэ төһө кыалларынан харыстаһан, сарын-сарыммытыттан өйөһөн эрэ олордохпутуна уһун уоппутун оттуохпут диэн өйдөбүлү, сиэри-майгыны ыччаппытыгар иитиэхтээхпит… Суруйааччы учуутал курдук “оннук куһаҕан, маннык үчүгэй” диэн үөрэппэккэ, күүстээх айымньылар нөҥүө дьон кутугар-сүрүгэр олохсутара – уран сурук чыпчаал соруга дии саныыбын» [7]. Сайа «Алаадьы» кэпсээнигэр ол чыпчаал соругу толорбут диэн санааҕа кэлэбит.
Бу кэпсээн Сайа тус поэтикатын бэрт чаҕылхайдык көрдөрөр айымньы буолар. Кини талааннаах прозаик буолара көстөр. А. Гуринов – Арчылан эппитин аҕалар оруннаах: “Бу кэпсээн итинник бэлиэ тиһигэр олоҕурар уонна “киһи” диэн төрүт өйдөбүлгэ олоҕуран киэҥ хабааннаахтык уонна уус – ураннык арыйар буолан, дьон да, сир-дойду да аатыгар чопчу болҕомтону туһаайыы диэн суох эбит… Итинник көстүү олох чахчытын, баарыйаны (бытие) киэҥник уонна дириҥник хабан анааран көрдөрөр, ону тэгэлитэн-ханалытан дьүһүйэр айымньыларга баар буолар” [5].
Архетип-уобарас уус-уран айымньыга суолтатын К. Юнг маннык быһаарбыт: “При всей своей формальности, бессодержательности, крайней обобщенности архетипы имеют свойство по мере того, как они становятся более отчетливыми, сопровождаться необычно оживленными эмоциональными тинами – они способны впечатлять, внушать, увлекать, поскольку восходят к универсально – постоянным началам и человеческой природе. Отсюда роль архетипов для художественного творчества” [3, c. 199]. Ол иһин бу кэпсээн дьон санаатыгар-оноотугар киирэр, сүрэҕин долгутар, дууһатын аймыыр, араас иэйиини уһугуннарар. Манна К.Г. Юнг этиитин аҕалар тоҕоостоох: «Тот, кто говорит архетипами, глаголет как бы тысячей голосов…, он подымает изображаемого им из мира единократного и приходящего в сферу вечного; притом и свою личную судьбу он возвышает до всечеловеческой судьбы…» [4, с. 62-63]. Онон, бу айымньы араас омук да тылынан тылбаастанара буоллар, бэйэтин ааҕааччытын бука булуо этэ диэн эрэллээхпит.
Литэрэтиирэ
- Аверинцев С.С. «Аналитическая психология» К.Г. Юнга и закономерности творческой фантазии // Вопросы литературы. – 1970. – № 3. – С.113-143.
- Воронцова Л.И. Архетипические оппозиции «Мать и ребенок» в прозе Л. Петрушевской // Известия Самарского научного центра Российской академии наук. – 2014. – №2. – С. 390-393.
- Jung C. G. Das Gewissen in psychologischer Sicht. –, 1958. – 199 s.
- Jung С. G. Ueber die Beziehung der analytischen Psychologie zum dichKunstwerk // Seelenprobleme der Gegenwart. – 1950. – S. 62-63.
- Гуринов А.Г. Алаадьы – улахан төгүрүк [электронный ресурс] // Kyym. ru: https:// kyym.ru/sonunnar/kultura/4747-alaady-ulakhan-t-g-r-k1 (дата обращения: 30.11.2021)
- Михалева Н.В. Алаадьы (олоххо буолбуттан кэпсээн) [электронный ресурс] // Kyym.ru: https://kyym.ru/sonunnar/ajymny/4744-alaady-olokhkho-buolbuttan-kepseen
- Михалева Н.В. Ырытыы баара үчүгэй [электроннай ресурс] // Kyym.ru: https://kyym.ru/sonunnar/kultura/4745-alaady-tula-sanaalar