«Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар урут анаан чинчийиллэн көрүллүбэтэх табыллыы (удача) концебы хаҥатар талаан лексема көрүллэр. Ааптар үлэтигэр талаан тыл бу концебы хаҥатар лексема буоларын дакаастыыр. Ыстатыйаҕа талаан лексема ‘дьол-соргу тосхойуута, туохха эмэ табыллыы, сатаныы’ суолтаҕа туттулла сылдьыбыта, билиҥҥи саха тылыгар ол умнуллубута арыллар.
Ааптар: Дьяконова Алина Александровна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн магистрана
Күлүүс тыллар: концепт, табыллыы, талаан, эргэрбит тыл, саха тыла.
Тылга омук култуурата, омук быһыытынан олоҕу көрүүтэ, анаарыыта угулла сылдьар. Ол аата тыл матырыйаалыгар омук уратыта, кини омук быһыытынан ураты информацията арыллыан сөп. Бу информация концепт диэн өйдөбүлгэ түмүллэр.
Тыл үөрэҕэр концепт норуот култууратын арыйар өйдөбүл буолар: «сгусток культуры в сознании человека» [6, с. 43], «вербализованный культурный смысл», «семантическая единица «языка» культуры» [1: 10].
Нуучча тылыгар ТАБЫЛЛЫЫ ‘УДАЧА’ концепт удача, удачник, везунчик, о.д.а. тылларынан бэриллэр, удача тыл тус суолтата «счастливое, благоприятное стечение обстоятельств, способствовавшее желательному, нужному исходу дела; везение» [2] диэн буолар.
Ыстатыйа сыала: ТАБЫЛЛЫЫ концебы хаҥатар талаан лексеманы үөрэтии.
Чинчийии матырыйаала: Э. К. Пекарскай тылдьыта уонна 15 туомнаах «Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыт».
Саха тылыгар ТАБЫЛЛЫЫ ‘УДАЧА’ концепт табыллыы, өрөгөй, уруй-туску, байанай, соргу/саргы, саргы дьайаан, күннээ диэн тылларынан бэриллэр. Сорсун, дьолуо, саргы дьайаан, дьаралык, сарбаһын, туона диэн эргэрбит тыллар бу концебы хаҥаталларын бэлиэтиир наада. Маны таһынан нуучча тылынан нөҥүөлээн киирбит баарт тыл эмиэ бу концебы арыйар (фарт (нем. Fahrt < fahren ‘везти’) ‘счастье, удача’. Фартовый: 1) очень хороший, замечательный; 2) такой, которому везет (фартовый парень)).
ТАБЫЛЛЫЫ концебы өссө талаан лексеманы көрүөҕүҥ. Билиҥҥи саха тылыгар талаан лексема «табыллыы» суолтатын сүтэрбит, айылҕаттан бэриллибит «талаан» эрэ суолтатынан билэбит.
Нуучча тылын элбэх этимологическай тылдьыттарыгар талаан лексема түүр тылыттан киирбитэ уонна «табыллыы» суолтаны бэлиэтиирэ биллэр: «талáн род. п.-а «счастье, удача», «прибыль, находка», вятск., перм. (Даль), талáнить «удаваться», сиб. (Даль), укр. талан «счастье», заимствовано из тюркских, ср. чагат., тур. talan «добыча», казах., саг. talan «счастье» [7]; «талáн (счастье), заимствовано в XVII в. из тюркских языков, где талан «счастье» < «добыча» (буквально – «награбленное») – производное от тала- ‘грабить, хватать’» [8]; «талан -а, м. народно-поэт. и прост. 1) счастливая доля, судьба. – И в Сибири люди живут. Может, я там-то и найду свой талан» [5, с. 336]; «Талан I м. простореч. 1. счастливая доля, судьба; счастье. Ⅱ успех, удача. 2. природное дарование, способность к чему-либо» [3]; «Очень часто слово произносили «талан» в смысле «удача, счастье, судьба» [4].
Пекарскай Э.К. тылдьытыгар талаан тыл биир суолтата – ТАБЫЛЛЫЫ ‘удача’: “Талāн [ср. русск. знач. и тюрк. талан ‘счастье’] ‘талан, удача, счастiе, жребий’ (ср. ӧрӧгӧй). Тарбахпыт талāна бiliӓҕӓ ‘удача (счастье) ‘наших перстов решит (вопрос о том, кому из нас оставаться в живых)’; талāна суох ‘бесталaнный, бездарный, неудачливый’; бāi талāҥҥа тӱспӱт ‘на богатое приволье привалило (много народу)’; талāнjык, талāнjыт [от талā + āнjык (āнjыт)] то же, что талāччы ‘грабитель, разбойник’ (ср. халāнjыт, талабырԥыт, ороспōiнjук), талāннан [от талāн + лā + н] ‘иметь удачу, счастье’: мiн тарбаҕым талāннанар кӱннǟх буоллаҕына ‘когда мои пальцы будут иметь удачливый день’; талāннāх [от 2талāн + лāх] ‘удачливый, удачный, счастливый’; талāннāхтык [от талāннāх + тык] ‘удачливо, удачно, счастливо’; талāнык [от 2талāн + ык] талāныкпын, оҕолоор! ‘о, счастье мне, ребята!’» [ПЭК, стлб. 2535].
“Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар” талаан лексема үс суолталааҕыттан биирдэстэрэ – ТАБЫЛЛЫЫ концепт лексемата талаан (иккис суолтаны көр):
ТАЛААН:
I аат. 1. Айылҕаттан бэриллибит уһулуччулаах дьоҕур. ‘Выдающиеся врождённые качества, талант’. Чаҕылҕан айар талаана сайдан, ситэн, кинигэттэн кинигэ ахсын наһаа уустугурдуллубут уобарастартан, иирчэх-баарчах этиилэртэн улам босхолонон испитэ. (Софр. Данилов). Кини [Амма Аччыгыйа] саныырынан талаан — айылҕа күндү бэлэҕэ, нарын-намчы дьоллоох дьоҕур. (ФЕВ УТУ); 2. Айылҕаттан бэриллибит уһулуччулаах дьоҕурдаах киһи ‘Человек, обладающий выдающимися врождёнными качествами, способностями, талант’. Кини [П А. Ойуунускай] үүнэр талааннары – иитии, таба суолга таһаарыы үлэтигэр ураты суолтаны биэрэрэ. (ХС); Онтон сотору, икки сыл үөрэммиттэрин кэннэ, устуудьуйалара эмискэ сабыллан, бэрт элбэх талаан ыһыллан хаалар. (ӨӨ ДДьДТ);
II аат. Дьол-соргу тосхойуута, туохха эмэ табыллыы, сатаныы. ‘Счастье, удача, везение, желательный исход дела’. Таастыы лачыгырыыр тарбаҕыҥ талаана биллин. (П. Ойуунускай). Нэһиилэ Кыл тыына кырдырҕаан, Сур тыына сурдурҕаан Өрөгөй көрдөһө, Талаан тардыһа сытта. (С. Васильев). Ити күөрэйэн эрэр күннүү, Инникиҥ үчүгэй буолуоҕа, Олоххор тохтообокко үүнүү, Өрөгөй талааныҥ үрдүөҕэ. (И. Эртюков);
III аат. Туох эмэ уу ньуурун хамсатыыта, долгутуута (хол., кус күөлгэ түстэҕинэ үөскүүр кэҥээн иһэр иилэр, биллэр-биллибэт долгуннар) ‘Круги на воде (от соприкосновения чего-л. твёрдого с её поверхностью’). [Кустар] түһэн баран, уу талаана сүтүөр диэри ону-маны одуулаһан, иһиллии олорбохтоот, уу иһэ-иһэлэр сапсыммахтаатылар, онтон ууга моонньуларын уга-уга аһаан ньалыгыратан бардылар (Р. Кулаковскай). Эвенк. талан ‘круг на воде (от брошенного предмета)’ < эвенк. тала ’мыться’ [СТБУТ, Т. Ⅹ, с. 158-159].
Тылдьыттан көстөрүн курдук, бу лексема иккис суолтата – ТАБЫЛЛЫЫ ‘удача’. Бу тылтан үөскүүллэр: «1. даҕ. талааннаах дьоллоох, соргулаах ‘счастливый, удачливый’. Үөмнэр да үөннээх, тааллар да талааннаах (ӨХ). Дьоллооҕум эбитэ буоллар – туһааннаах тойон гыныам этэ, талааннааҕым эбитэ буоллар – саллар сааспар диэри анабыллаах атыыр гыныах этим. (Пек.); 2. сыһыат – талааннаахтык боростуойдук, көннөрүтүк буолбакка, ураты дьоҕурдаахтык (тугу эмэ гын, оҥор) ‘удачно (напр., охотиться), счастливо’. Кыргыһыыга кыайан, Охсуһууттан ордон, – Өрөгөй үрдээн Талыы маҥан күн Талааннаахтык тахсыбыта (Тоҥ Суорун); 3. туохт. талааннан дьоллоох, соргулаах буол, туохха эмэ наһаа табылын ‘иметь удачу, счастье; посчастливиться в чем-либо кому-либо’. Нохоо, быраатыҥ талааннанан, тайах өлөрөн кэллибит (А. Егоров); 4. атаах.-аччат. Талаанык—талааныкпын, оҕолор! (Пек.)» [СТБУТ, Т. Ⅹ, с. 158-161].
Мантан көстөрүнэн, талаан лексема “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар” ТАБЫЛЛЫЫ ‘удача’ суолталааҕа бэлиэтэннэ уонна уус-уран айымньыларынан холобурданна.
Манна даҕатан ээттэххэ, талаан лексема саргы уонна өрөгөй лексемалары кытта ханыылаһан туттуллар:
Саргы-талаан, холобур, Эн да биһикки, – бэйэбит эмиэ аан ийэ дойдубутуттан дьол-соргу көрдөстөхпүтүнэ, саргы-талаан тардыстахпытына төһө-хачча буолуоҕай? (Суорун Омоллоон); Кырдьыга да кини саргы-талаан аргыстаах курдуга, үгүс кытаанах, киһи ордуо да суох түбэлтэлэриттэн тыыннаах тахсыталыыра (М. Ефимов) [СТБУТ, T. Ⅷ, с. 277];
Өрөгөй-талаан, холобур, Өрөгөй-талаан үктэллээх Өбүгэ саха буолабыт! (Алампа «Саха ырыата»); Үрдүк маҥан хайа саҕа өрөгөй-талаан үрдээтэ, Саргы дьаалы салалынна, Өрөгөй-талаан үрдээтэ (олоҥхо); Ити күөрэйэн эрэр күннүү, Инникиҥ үчүгэй буолуоҕа, Олоххор тохтообокко үүнүү, Өрөгөй талааныҥ үрдүөҕэ (И. Эртюков) [СТБУТ, Т. Ⅹ, c. 159]; Өрөгөй талааммыт Лөҥкүнэччи мөҥүрээтэ (Тоҥ Суорун) [СТБУТ, Т. Ⅵ, с. 131].
Манна биһиги синонимныы тыллар ханыылаһалларын көрөбүт, бу тыллар ханыылаһан, киэҥ өйдөбүлү бэлиэтииллэр. Саха тылыгар ТАБЫЛЛЫЫ концепт өрөгөй талаан уонна саргы дьаалы (тюрк. йар ‘быть светлым, сиять’, монг. жаргал ‘наслаждение’) лексемалара үрдээ, улаат туохтуурдары кытта дьүөрэлэһэн туттуллаллар.
Онон, саха тылыгар эргэрбит талаан диэн тыл ТАБЫЛЛЫЫ концебы хаҥатар лексемалартан биирдэстэрэ буолар, билиҥҥи саха тылыгар ханыыласпыт тыл иккис арааһын (иккис компонена суолтата билиҥҥи тылга соҕотоҕун туттуллубат арааһа) састаабыгар киирэ сылдьар: өрөгөй-талаан уонна саргы-талаан иккис компоненнарын «талант» суолтаҕа ылынар табыллыбат, бу эргэрбит «удача» суолта буолар.
Литэрэтиирэ
- Антология концептов: словарь. – Иваново: Гнозис, 2007. – 511 с.
- Большой толковый словарь русского языка. – Санкт-Петербург: Норинт, 1998. – 1534 с.
- Ефремова Т. Ф. Новый словарь русского языка. Толково-образовательный. – М.: Рус. яз. 2000. в 2 т. – 1209 с.
- Семёнов А. В. Этимологический словарь русского языка. Серия «Русский язык от А до Я». – М.: «ЮНВЕС», 2003. – 704 с.
- Словарь русского языка: В 4-х т. – М.: Русский язык, 1985-1988. Т. 4. С-Я. 1988. – 800 с.
- Степанов Ю. С. Константы: Словарь русской культуры. – М.: Академический проект, 2004. 992 с.
- Фасмер М. Этимологический словарь русского языка: Пер. с нем. (с доп.). – М.: Прогресс, 1973. Т. 4. – 855 с.
- Школьный этимологический словарь русского языка: происхождение слов. – М.: Дрофа, 2004. – 398 с.