21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

"Билим": Саха тылыгар литературнай нуорма кэһиллиитэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар саха билиҥҥи тылыгар литературнай нуорманы кэһэр алҕастары тыл үөрэҕин салааларынан наардааһын, тиһиккэ киллэрэн олохтоохтук ырытыы бэриллэр. Онуоха «Саха» НКИХ биэриилэрин матырыйаала, дииктэрдэр туттубут тыллара-өстөрө тирэх буолла. Баар чахчыга тирэҕирэн, тылы-өһү ымпыктаан ырытар, ону сөптөөх халыыбынан солбуйар ньыма туттулунна.

Ааптардар: Ефремова Надежда Анатольевна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата; Никитина Ариана Ильинична, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуона.

 Күлүүс тыллар: саха тыла, тыл култуурата, литературнай нуорма, истиил нуормата, истиил алҕаһа, тыл туттуллар үөрүйэҕэ, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ.

 Билиҥҥи кэмҥэ литературнай тыл – бу биһиги үүнүүбүт-сайдыыбыт төһүүтэ буолар, этигэн, бэргэн, балайда сайдыылаах тыл буоларын саха дьоно үксэ өйдөөтө диэххэ сөп [6, с. 22]. Ол да буоллар, литературнай нуорманы тутуспакка саҥарыы, суруйуу киэҥ эйгэҕэ тахсар бэчээт, “Саха” НКИХ таһаарар биэриилэригэр, Интэриниэт ситимигэр сахалыы тахсар сонуннарга билигин да баар.

Саха тылыгар литературнай нуорма олохсуйбутун урукку сылларга тахсыталаабыт таба суруйуу тылдьыттара бигэргэтэллэр. 2015 с. ахсынньы 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата сахалыы тылынан таба суруйуу быраабылаларын бигэргэппитэ. Ол быраабылаҕа олоҕуран, 32.000 тылы хабар “Сахалыы таба суруйуу тылдьыта” “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Онон сахалыы сурук-бичик быраабылата бу тылдьыкка тирэҕирэр.

Литературнай нуорма диэн лиэксикэҕэ, кырамаатыкаҕа, тылы таба суруйууга, таба саҥарыыга араас барыйаантан ордугун талан, кытаанахтык олохсуйбут, халбаҥнаабат тыл ааттанар [8, с. 16]. Академик П.А. Слепцов этэринэн, литературнай тыл диэн “сүүмэрдэммит, чочуллубут бүтүн нация тыла”. Сурукка-бичиккэ, киэҥ араҥаҕа тахсар саҥаҕа-иҥэҕэ литературнай нуорманы кэһэр табыллыбат. Нуорматтан туорааһын тыл-өс култууратын намтатар, истиил нуорматын кэһэр.

Литературнай нуорманы харыстыыр туһугар араас көрүҥнээх үлэ барыахтаах. Оннук үлэни тыл бэлиитикэтин үрдүкү дьаһалтатыттан саҕалаан, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, тылга сыһыаннаах тэрилтэ салайааччылара бары биир сүбэҕэ кэлэн, утумун быспакка тиһиктээхтик ыыттахтарына, тылбыт-өспүт киртийиэ, дьадайыа суох этэ.

Ырытыыга киириэхпит иннинэ: “Литературнай нуорманы кэһии төрүөтэ тугуй, туохтан маннык алҕас тахсарый?” – диэн ыйытыыга хоруйдуур оруннаах буолуо.

Бастатан туран, тылга аахайбат сыһыан. Иккис төрүөт, аҥар кырыытыттан нуучча тылын үтүктэртэн [2, с. 9]. Үсүһүнэн, таба суруйуу быраабылаларыгар сиһилэммэккэ хаалбыт, көппүт түгэннэр баалларыттан. Манна даҕатан эттэххэ, литературнай нуорманы кэһии алҕастарын көрүҥэ араас буолар. Дьон сыыһа саҥарбытын, үөрүйэх гынан олохсутан кэбиспит холобурдарбыт элбэхтэр. Олортон саамай тарҕаммыттарын, туттууга киирэн үөрүйэх буола олохсуйбуттарын тыл үөрэҕин кырамаатыкатын таһымыгар наардаан, “Саха” НКИХ биэриилэрин матырыйаалыгар тирэҕирэн, холобур аҕалан сиһилээн көрүөҕүҥ.

  1. Тыл грамматическай халыыбын сыыһа туттуу: тула олорон сэһэргэһиэхэйиҥ (сэһэргэһиэҕиҥ онн.); норуот доруобуйата чөллөөх буоларыгар туһалыыр (чөл онн.); баҕардар итини сорох өйдүү илик (баҕар онн.)
  2. Наадата суох сиргэ туохтуур туһаайыытын эбии: бэйэни чэбдигирдинии хайысхатынан (чэбдигирдии онн.); хаһан этиниэхтэрэй (этиэхтэрэй онн.); илин былдьасыһыы (илин былдьаһыы онн.)
  3. Тылга наадата суох тардыы сыһыарыытын эбии: дьиэ үрдүтүгэр тахсан (үрдүгэр онн.); дьиэ түөрт өртүтүгэр (өттүгэр онн.); биһиги ол түүн адьаһын утуйбатахпыт (адьас онн.)
  4. Тылтан сүһүөҕүн көҕүрэтии: ким баҕар ону билэр (баҕарар онн.); уоту умуор (умуруор онн.); дьолго тиэрдэр (тириэрдэр онн.)
  5. Уһун аһаҕас дорҕоону кылгатыы: быһылаах (быһыылаах онн.); тийдим (тиийдим онн.); эдьий (эдьиий онн.)
  6. Холбуу түһүккэ туттуллар аат тыл бүтэһик сүһүөҕэр дорҕоон кыарааһына-кэҥээһинэ: уолунаан (уолунуун онн.); аҕатыныын (аҕатынаан онн.); ийэтинээн (ийэтиниин онн.)
  7. Тылга дорҕоонун атастаһыннарыы: Тураайа (Туйаара онн.); күҥэһэ (күһэҥэ онн.); тыҕаһас (тыһаҕас онн.)
  8. Тыл дорҕоонун атын дорҕоонунан солбуйуу: очоҕос (оһоҕос онн.); араҥас (араҕас онн.), луоска (ньуоска онн.)
  9. Туохтуур соруйар киэбин (2-с сирэй, элбэх ахсаан): барын, турун, олорун (барыҥ, туруҥ, олоруҥ онн.)
  10. Кэпсэтии истиилигэр туттуллар -ка экспрессивнэй сыһыарыыны тылга эбии: арааската (арааһа онн.); онтуката (онто онн.)

Үөһэ аҕалыллыбыт холобурдартан көрдөххө, литературнай нуорманы кэһии сүрүн алҕаһа тылы харыстаабаттан, ээл-дээл сыһыаннаһартан тахсар эбит диэн түмүккэ кэлиллэр. Онон хас биирдии сахалыы тыллаах, үөрэхтээх киһи ийэ тыла ыраас буоларын туһугар кыһаныах, тылы сөпкө тутта сатыах тустаах.

Литэрэтиирэ

  1. Ефремова Н.А. Саха тыла: тыл култууратыгар 100 эрчиллии. Мединститут сахалыы тыллаах устудьуоннарыгар үөрэнэр электроннай кинигэ. – Дьокуускай: Алаас, 2018. – 88 с.
  2. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. Билиҥҥи саха тылыгар нуучча тылын сабыдыала. – Дьокуускай, 1996. – С. 3-22.
  3. Петрова Т.И., Манчурина Л.Е. Саха тылын истилиистикэтэ. Лиэксийэ матырыйаала. – Дьокуускай: ХИФУ, 2011. – С. 6-50.
  4. Саха тыла: тыл-өс култуурата. ХИФУ сахалыы тыллаах устудьуоннарыгар үөрэнэр кинигэ / Хом. оҥордулар: Петрова Т.И., Ефремова Н.А. уо.д.а. – Дьокуускай: ХИФУ, 2015. – С. 3-25.
  5. Саха тылыгар таба суруйуу тылдьыта / Эрэд. хамыыһыйа А.Г.Нелунов уо.д.а. – Дьокуускай: Бичик, 2015. – С.3-17.
  6. Саха тылын истилиистикэтэ: сайдыыта, кэскилэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи билим 2-с кэмпириэнсийэ матырыйаала / Хом. оҥордо: Ефремова Н.А. – Дьокуускай: ХИФУ, 2016. – С.22-28.
  7. Слепцов П.А. С.А. Новгородов и проблемы якутского литературного языка // Кэриэс тылбын кэбиспэт буолуҥ, кэрэмэс, доҕотторум!.. (С.А.Новгородов төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар аналлаах научнай конференция матырыйааллара). Материалы научной конференции, посвященной 100-летию со дня рождения С.А.Новгородова. – Дьокуускай, 1992. – С.82-88.
  8. Слепцов П.А. Якутский литературный язык: истоки, становление норм. – Новосибирск: Наука, 1986. – 263 с.
  9. Слепцов П.А. Якутский литературный язык: формирование и развитие общенациональных норм. – Новосибирск: Наука, 1990. – 273 с.
  10. Хаһыат үлэһиттэригэр көмө ыйынньык. Суругунан саҥа култуурата. – Дьокуускай, 2007. – 40 с.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА