22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Биир киһиэхэ нуорма быһыытынан төһө собо тиксиэхтээҕий?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин үрдүнэн муҥха кэмэ күргүөмнээхтик салҕанар. Маныаха СӨ экологияҕа министиэристибэтэ 2017 сыллаахха киирбит муус аннынан балыктааһын быраабылатын уонна биир киһиэхэ нуорма быһыытынан төһө собо тиксиэхтээҕин санатар.


Биир киһи күҥҥэ ортотунан 250 устуука балыктан элбэҕи туттарыа суохтаах. Балыксыт бу ирдэбили кэһэр түгэнигэр биир собо иһин 250 солкуобайга ыстырааптаныан, эбэтэр административнай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп. Ол гынан баран, икки күн тура муҥхалыахтарын сөп.

Туһааннаах биэдэмистибэ үлэһиттэрэ биир куулга ортотунан 70 устуука тоҥ собо киирэр диэн ааҕан-суоттаан таһаарбыттар. Оччотугар муҥхаһыт үс куулга тиксэр түгэнигэр, сокуону, быраабыланы кэспэт диэн буолар.

Маны сэргэ ирдэбил быһыытынан көннөрү балыксыт 100 миэтэрэҕэ тиийэ уһуннаах муҥхалаах буолуохтаах. Бу тэрилгэ көҥүл, лицензия ирдэммэт. Бэлиэтээн эттэххэ, көннөрү киһи, муҥханан, илиминэн эмиэ  бэйэ эрэ айаҕар балыктыахтаах.

Онон баар эрэ диэн барытын баһан ылар сатаммат. Эбэ  балыга  аччаатаҕына, эһиилгитигэр күөл иччитэ Күөх Боллох олох да мэлитиэ турдаҕа, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА