22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Биэс улууска 2023 сылга уунан хааччыйар эбийиэктэри үлэлэтиэхтэрэ

Фото: официальный информационный портал Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Амма, Горнай, Сунтаар, Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 2023 сыл бүтүөр диэри «Ыраас уу» регион бырайыагынан уунан хааччыйар эбийиэктэри тутуу түмүктэниэҕэ.

Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Бырагыраама чэрчитинэн, уунан хааччыйыы систиэмэтэ оҥоһуллар: ыраастыыр ыстаансыйалар уонна магистральнай ситимнээх уу мунньар эбийиэктэр.

Ол түмүгэр хаачыстыбалаах ыраас иһэр уунан 34 тыһ Саха сирин олохтооҕо хааччыллыахтаах. Аммаҕа үлэ хаамыытын бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников бэрэбиэркэлээтэ. Манна, алта тыһыынчаттан тахса киһи олорор сиригэр, ууну биэрии «былыргылыы» тутуллаах. Чааһынай дьон муус хаһааналлар, уу тиэйэр-таһар массыынаны сакаастыыллар, оттон элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ олорооччулар иһиттээх ууну сакаастыыллар. Кыраантан техническай эрэ уу кэлэр, ити эрээри ону сууйууга-тарааһыҥҥа да туттуллубат.

Быйыл «Ыраас уу» регион бырайыагынан Амма эбэ кытылыгар сууккаҕа 1500 кубометры оҥорон таһаарар кыамталаах уу мунньар, итинник кыамталаах ыраастыыр ыстаансыйа, көмө эбийиэктэр, уу барар ситимэ тутуллар.

Үлэни «СӨ ОДьКХ» СУТ ыытар.

Эбийиэк 523 мөл солк суумалаах, онтон 517 мөл солк федеральнайдааҕы бюджеттан тыырыллыбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА