Саастаах дьон дохуоттарын биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр биэрэн улаатыннарыахха сөп. Биэнсийэҕэ ханнык эбии төлөбүрдэр баалларын «Парламентская газета» суруйда.
Тыа сиринээҕи надбавка
30 уонна онтон элбэх сыл тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытыгар үлэлээбит тыа сиригэр олорор билигин үлэлээбэт киһи биэнсийэтигэр эбии төлөбүр ылыан сөп. Кинилэргэ биэнсийэлэрин 25 бырыһыанын эбии биэрэллэр. Маннык эбиискэнэн 500 идэ бэрэстэбиитэлэ туһанар кыахтаах, ол иһигэр агрономнар, мельниктэр, ыҥырыа иитээччилэр, ветеринардар, технологтар, геодезистар, механизатордар.
Бу надбавканан тыа сиригэр эрэ олорор киһи туһанар. Ити эрээри 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тыа сириттэн куоракка көһөн кэлбиттэр эмиэ ылыахтара диэн суруллар. Онон «куоракка көстүҥ диэн надбавканы быспыт буоллахтарына, ону төннөрүөхтэрэ».
Маны сэргэ Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэргэ өр кэмҥэ үлэлээбиттэр эмиэ биэнсийэлэригэр эбии ылаллар.
Сиһилии: https://ysia.ru/kakie-dopolnitelnye-vyplaty-polozheny-pensioneram/