Судаарыстыбаннай биэнсийэ пуондатыгар мунньунууну Биэнсийэ пуондатыгар көһөрөр туһугар 2022 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри ПФР-га сайабылыанньа суруйуллар.
Тус бэйэ суруйар эбэтэр нотариус бигэргэппит дэбиэриннэстээх бэрэстэбиитэл нөҥүө тиксэриэххэ сөп. Маны сэргэ Госуслуги портал нөҥүө сайабылыанньаны биэрэр көҥүл.
Мунньунуу кэлэр сылга эрэ көһөрүллэр.
Сайабылыанньаттан ахсынньы устата аккаастаныахха эбэтэр атын пуондаҕа ыытар туһунан уларытан биэриэххэ сөп.
Биэнсийэ мунньунуу чааһа ПФР-га, сайабылыанньа суруллубутун кэннэ, кулун тутар 31 күнүгэр диэри ПФР-га көһөрүллэр.