Россияҕа сотору кэминэн биэнсийэни, МРОТу уонна атын социальнай төлөбүрдэри былааннамматах индексациялааһын саҕаланыаҕа. Ол туһунан президент көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин «Россия 1» телеханаалга эттэ.
«Тиийинэн олоруу кээмэйин, хамнас алын кээмэйин, биэнсийэни, атын социальнай төлөбүрдэри былааннамматах индексациялааһын туһунан быһаарыы ылылынна. Билигин бырабыыталыстыбаҕа үрдэтии параметрдарын бэлэмнииллэр. Сотору кэминэн биллэриэхтэрэ уонна индексация оҥоһуллуоҕа«, – Орешкин тылларын РИА Новости тириэрдэр.
Орешкин үп министиэристибэтин отчуотун санатта, докумуоҥҥа көстөрүнэн бюджет профициттаах.
«Ол аата дойдуга үп туруга үчүгэй. Ол иһин социальнай ороскуоттар харгыстамматтар, өссө эбиллэллэр«, – диэтэ кини.