21 Олунньу 21.02
  • -26°
  • $ 88,51
  • 92,48

Биэнсийэҕэ тахсарга эрдэттэн бэлэмнэнэр ордугун СФР эттэ

Хаартыска: ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Биэнсийэҕэ тахсар саас буолуон икки сыл иннинэ киһиэхэ Россия социальнай пуондата докумуоннарын бэлэмниир туһунан биллэрии ыытар. Исписэлиистэр саатар биир сыл иннинэ бэлэмнэнии үлэтин ыытар ордугун этэллэр. Онно анаан олорор сиргитинэн клиеннэри кытта үлэлиир сулууспаҕа тиийэҕит. Ол туһунан СФР Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Герман эттэ.

«Ити кэмҥэ үлэ периода тэҥнэниллэр, киһи лицевой счетун кытта үлэ киниискэтигэр суруллубут дааннай. Баҕар ханнык эрэ кэм учуоттамматах буоллаҕына, киһи ыспыраапка уонна докумуон ирдэһэригэр бириэмэлээх буолар», — диэтэ Марина Герман.

Барыллаан үлэ биэнсийэ ылыыга сайабылыаньа быһыытынан ааҕыллыбат. Биэнсийэ ылар быраабыҥ болдьоҕо кэллэҕинэ официальнай этии оҥороҕун.Биэнсийэ кээмэйэ тус-туспа, индивидуальнай биэнсийэ коэффициеныттан уонна ыстааһыттан тутулуктаах.

Ааспыт сылга биэнсийэни анааһыҥҥа эрдэттэн үлэни 7 797 олохтоох оҥорбута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова