Биэ үүтүн туһатын туһунан суруйбуттара, эппиттэрэ ыраатта. Киһи доруобуйатыгар үчүгэй дьайыытын учуонайдар дакаастаабыттара быданнаата.
Саха сиригэр сылгылар айылҕа оҕолоро буолаллар. Төгүрүк сыл аһаҕас халлаан анныгар аһаан, төрөөн-ууһаан сылдьаллар. Биэлэри таһырдьа ыыллар.
«Эйгэ» бааһынай хаһаайыстыбаҕа биэлэри күҥҥэ үстэ ыыллар. Кинилэри тохсунньу тоһуттар тымныыта да тохтоппот, СИА суруйар.