22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бэс ыйын 21 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ыһыах күнэ - Бикипиэдьийэ

09:02, 21 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ыһыах күнэ. Арассыыйаҕа Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин күнэ. 1965 сыллаахха ахсынньы 10 күнүгэр олохтоммут. Бэс ыйын үһүс баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр — сыл аайы көһө сылдьар. Канаадаҕа олохтоох норуоттар күннэрэ. Исландияҕа Лита диэн бырааһынньык — сыл саамай уһун күнүн бэлиэтииллэр. Былыргы славяннар бу күн Перун таҥара төрөөбүт күнүнэн ааҕаллар диэн суруллар. Францияҕа бу күн музыка бырааһынньыгын быһыытынан 1982 сылтан бэлиэтэнэр.


🔹1893 — Чикагоҕа Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа бастакы туланы көрөр көлүөһэ аһыллыбыт.

🔹1915 — Худуоһунньук Казимир Малевич аатырбыт Хара квадрат хартыынатын оҥорон бүтэрбит.

🔹1940 — Амматтан төрүттээх Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, салайааччы Алексей Кралин буруйа суоҕа дакаастанан реабилитацияламмыт. Бу киһи норуот өстөөҕө аатыран, 1928 сылтан 12 сыл хаайыыга сыппыт. Казань куоракка РККА хамандыырдарын кууруһугар үөрэммит, Туркестааҥҥа басмаачтары утары кавалерияны хамаандалаабыт киһи.

🔹1941 — Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх саха бастакы устуорук учуонайдарыттан биирдэстэрэ Никон Романов Ленинградка хандьыдаат диссэртээссийэтин көмүскээбит, тиэмэтэ «Саха сиригэр XVIII үйэтээҕи дьаһаах». Сарсыныгар, биллэрин курдук, сэрии саҕаламмыта, учуонай бэйэтин баҕатынан аармыйаҕа барбыта, күһүн Колпино аттыгар дьоруойдуу өлбүтэ. 30-с с.с. учууталлыы сылдьыбыта, киниэхэ элбэх Үөһээ Бүлүү биллиилээх дьоно үөрэммиттэрэ, холобур, саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап.

🔹1950 — Биир гааттан 29 центнер сэлиэһинэйи ылбытын иһин Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ Николай Барамыгин Социалистыы Үлэ Дьоруойун аатын ылбыт.

🔹2009 — Референдум түмүгэр Дания састаабыгар киирэр Гренландия автономията кэҥэтиллибит. Бу иннинэ олохтоохтор доруобуйа харыстабылын, орто үөрэхтээһини, социальнай көмөнү бас билэр эбит буоллахтарына, 2009 сылтан ыла полицияны, суут систиэмэтин уонна сир баайын эмиэ дьаһайар кыахтаммыттар.

Төрөөбүттэр:

🔸1895 — Семен Донской (1938 өлб.) — саха судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, доруобуйа харыстабылын бастакы наркома, сахалыы бастакы учебниктар ааптардара.

🔸1908 — Үөһээ Бүлүү Мэйигэр Түүкээн үрэх үрдүгэр аатырбыт тустуук Буучугурас — Василий Степанов төрөөбүтэ. 1937 сыллааха Саха сиригэр хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөн аатын ылан биллибитэ. Сэриигэ икки атаҕын илдьириттэрэн, дойдутугар кэлэн иһэн аара өлбүтэ.

🔸1921 — Дмитрий Петров (06.11.1971 өлб.) — Таатта улууһугар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, танковай биригээдэ бүлүмүөччүгэ, Албан аат уордьанын толору кавалера. Сэриигэ кыттыбыттар «Албан аат» толору кавалердарын Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарынааҕар ордук үрдүктүк сыаналыыллара. Тоҕо диэтэххэ, бу уордьан эмиэ уһулуччу хорсун быһыы иһин бэриллэрэ, онон үс уордьаны ылбыт киһи кырата үстэ туох эрэ уһулуччулаах хорсун быһыыны оҥорбут киһи буолара.

Өлбүттэр:

🔹1908 — Николай Римскэй-Корсаков — Арассыыйа композитора.

🔹1991 — Артур Софронов (18.08.1952 төр.) — Саха АССР учуонайдарын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Софронов_Артур_Карпович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_21

https://sah.wikipedia.org/wiki/Петров_Дмитрий_Ананьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Барамыгин_Николай_Константинович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Романов_Никон_Семенович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Сэлиэһинэй

https://sah.wikipedia.org/wiki/Донской_Семен_Николаевич_(иккис)

https://sah.wikipedia.org/wiki/Римскай-Корсаков_Николай_Андреевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Албан_аат_уордьана

https://sah.wikipedia.org/wiki/Буучугурас_(киһи)

https://sah.wikipedia.org/wiki/Кралин_(Иванов)_Алексей_Евсеевич

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА