15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Бэс ыйын 14 күнэ. Донор күнэ - Бикипиэдьийэ

08:53, 14 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 14 күнэ. 2005 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын Аан дойдутааҕы Ассамблеята хас сыл аайы бэс ыйын 14 күнүгэр хаан туттарааччылар күннэрин бэлиэтииргэ уураахтаабыта. Бу күннэргэ «Донор нэдиэлэтэ» диэн аахсыйа Россия үрдүнэн ыытыллар. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэс ыйын 9 күнүгэр биир бастакынан аахсыйаны өйөөбүтэ уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун киһи олоҕор быһаччы оруоллаах тэрээһиҥҥэ кытталларыгар ыҥырбыта.


🔹1777 — АХШ сулустардаах уонна дьураалардаах былааҕы ылыммыт. Бу былаахха маҥнай штат ахсаанынан 13 сулус уонна 13 дьураа баара. Онтон саҥа штаттар эбиллэн истэхтэрин аайы сулустар элбээн испиттэрэ, билигин 50 сулус баар. Дьураа ахсаана 13-нэн хаалбыт.

🔹1940 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр ньиэмэс аармыйата Париж куоратын ылбыт.

🔹1898 — Арассыыйаҕа аан бастаан күннээҕи үлэ чааһа хааччахтаммыт — 11,5 чаастан уһуо суохтаах диэн буолбут.

🔹1913 — Дьокуускайга көскө Емельян Ярославскай (Миней Губельман) кэргэнинээн кэлбиттэр. 1917 сыллаахха Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Дьокуускай дьокутааттарын салайбыта, сайын Москубаҕа көспүтэ. Кремль бастакы хамыһаара буолбута, Москуба байыаннай уокуругун хамаандалыы сылдьыбыта, кэлин ССРС-ка таҥараһыттары утары үлэни тэрийбитэ.

🔹1924 — Ньылхаҥҥа Лаамы тоҥустарын сийиэһэ буолбут. Сийиэс «ССРС-тан арахсарга уонна тутулуга суох или тэрийэргэ» диэн уурааҕы ылыммыт.

🔹1963 — Хомуньуус хамсааһыныгар хайдыы тахсыбыт, Кытай ССРС бас-көс оруолун билиммэтин эппит. Марксизм-ленинизм үөрэҕин тус-туспа куолулааһынтан сылтаммыт хайдыһыы түмүгэр Тымныы сэрии икки полюстаахтан үс полюстаахха кубулуйбут (Кытай—ССРС—АХШ).

Төрөөбүттэр:

🔸1914 — Дьокуускайга Владимир Сапожников (23.03.1982 өлб.), Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, летчик.

🔸1924 — Ньүүйэҕэ Фаина Авдеева, Дьокуускайдааҕы пионердар уонна оскуола оҕолорун дыбарыастарын 1953 сылтан 90-с сс. диэри салайбыт киһи, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала.

🔸1928 — Че Гевара.

🔸1929 — Анатолий Сосин, хомуньуус баартыйа Саха сиригэр үлэтин чинчийэн устуоруйа билимин хандьыдаата буолбут киһи.

🔸1964 — Елена Слепцова – Куорсуннаах — бэйиэт, прозаик, саха бастакы идэтийбит дрессировщиктарыттан биирдэстэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа. Айар интэриэһэ киэҥин сөҕөллөр. Бөдөҥ прозаҕа үлэлиир тарбахха баттанар саха суруйааччыларыттан биирдэстэрэ. Көстүбэт күүстэри ойуулуур кэпсээннэрин ааҕан киһи этэ аһыллар. Экзюпери «Кыра тыгынын» тылбаастаабыта. Аныгы саха өйдөөтүн диэн, олоҥхону эспэримиэн быһыытынан проза оҥорон бэчээттэппитэ билигин киһи хантан да булбат кинигэтэ буолан турар.

Өлбүттэр:

🔹1994 — Эллэй Сивцев (31.12.1928 төр.) — саха норуодунай худуоһунньуга, , аатырбыт Е.Кибрик үөрэнээччитэ. Худуоһунньуктар В. Карамзины, И. Корякины кытта «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону ойуулаабыта.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Куорсуннаах

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_14

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ньылхан

https://sah.wikipedia.org/wiki/Авдеева_Фаина_Иннокентьевна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Сапожников_Владимир_Васильевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ярославскай_Емельян_Михайлович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Че_Гевара

https://sah.wikipedia.org/wiki/Сосин_Анатолий_Алексеевич

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА