Горнай улууһун Бэс Күөлүн баһаартан эмсэҕэлээбит олохтоохторугар 30 тыһ солкуобайы төлөөһүн саҕаламмытын туһунан үлэ миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев СИАҕа иһитиннэрдэ.
Итини таһынан Дьокуускайга «Бэс Чагда» лааҕырыгар оҕолору сынньатарга иккис испииһэк оҥороллор. Суһаллык уокка былдьаммыт докумуоннары сөргүтэллэр.