Горнай улууһун Бэс Күөлүн чөлүгэр түһэриигэ анаммыт бырайыак РФ президенин гранын ылла. Суумата 999 445 солк.
Көрүллүбүт үпкэ сэлиэнньэ сирин-уотун ыраастыахтара, Дьүктүөнэ өрүс сүнньүн сылбахтан босхолуохтара, күөх сквер тутуохтара, уокка былдьаммыт өттүн көҕөрдүөхтэрэ.
Бырайыак толоруутугар кулун тутартан ылсан барыахтара.
«Биһиги бырайыакпыт кыайан, олоххо киирэр буолбутуттан наһаа үөрэбит. Биһигини үһүс сылын Биир кэлим ресурснай киин экспертэрэ консультациялыыллар. Быйыл эмиэ «Новая жизнь» диэн бырайыакпытын кинилэргэ көрдөрбүппүт, сайаапкабытын ситэрбиттэрэ уонна биһиги бырайыакпыт ураты болҕомто ылар кыахтааҕын быһаарбыттара», — диэтэ «Ситим» НКО салайааччыта Татьяна Павлова.
Бэс Күөлгэ мастаах, сибэккилэрдээх, олорор сирдээх, стелалаах, аллеялаах сквер тутуллуоҕа. Олохтоохтор 300 мас уонна 500 сибэкки олордуохтара. Ботаническай саад үлэһиттэрэ көмөҕө кэлиэхтэрэ, мас, сибэкки сөпкө олордуллуутун, кэлин көрүүнү-харайыыны сөпкө ыытары сүбэлиэхтэрэ.