Горнай Бэс Күөлүгэр бастакы хотоннору тутан саҕалаатылар. 120 ынах-сүөһү төбөлөөх «Атамай» бааһынай хаһаайыстыба Петров А.А. хотонун «Хаңалас тутуу» ХЭТ тутар. Хотон тимир конструкцияларынан тутуллуо, сүрүн үлэ бу ый бүтүүтэ түмүктэниэ диэн, https://www.instagram.com/p/CTUeprUsfTI/ суруйар.
Биирдиилээн хаһаайыстыбалар умайбыт хотоннорун тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ («Саха сүөһүтэ», Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика, «Сир сулууспата», «Сахаагроплем», Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, ветеринария Департамена, ФАПК «Туймаада) тутан көмөлөһөллөр. Биригээдэлэр балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри бары тутуулары бүтэрэр соруктаахтар.
Санатар буоллахха, Бэс Күөлэ «Кэскил» түөлбэтигэр улахан ойуур баһаарыгар 223 төбө сүөһү кыстыыр 10 хотоно (ол иһигэр «Атамай» бааһынай хаһаайыстыба 100 миэстэлээх хотоно) уокка былдьаммыттара.