Бэрдьигэстээххэ Протоирей Павел, Бүтүн Россиятааҕы История уонна култуура памятниктарын харыстыыр общество Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Руслан Васильевич Васильев, «Регион-Сервис» реставрациялыыр хампаанньа салайааччыта Андрей Михайлович Ядрихинскай кэлэннэр, улуус дьаһалтатыгар мунньахтаатылар.
Сүрүн соруктара билигин үлэлии турар чочуобуна дьиэтин өрөмүөннээһин уонна 1899 с. тутуллубут церковнай-приходской оскуола дьиэтин туругун көрүү-истии, ханнык бас билиигэ баарын, салгыы тугу гыныахха сөбүн быһаарсыы.
Олохтоохтор анаан-минээн кэлбит дьоҥҥо, кыһамньыларыгар махтаннылар, санааларын атастастылар.
Кэлбит ыалдьыттар өрөмүөннүүр үлэҕэ күүстээх тэрилтэлэртэн итэҕэтэн туран, үбү-харчыны көрдөһөргө, дьон-сэргэ бэйэлэрин баҕаларынан араас матырыйаалларынан да хааччыйалларыгар сүбэлээтилэр. Биллэн турар, итиннэ бюджет үбэ көрүллүбэт.
Бэрдьигэстээххэ таҥара дьиэтин тутуутун туһунан эмиэ ахтыллан ааста. Үктэл баҕаналара өссө 2011 с. түспүт, 2017 с. бу таас тутуу сметата 200- тэн тахса мөл. солк. Билигин маны тутар туһунан кэпсэтии да барарыгар уустук.
Ыалдьыттар бу боппуруостарга сыһыаннаан, бэйэлэрин санааларын эттилэр, суруйда Василий Алексеев, @silatrudagorny