28 Муус устар 28.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Бэрдьигэстээххэ баар Кыайыы болуоссатыгар саҥардыы үлэтэ барыахтаах

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыайыы болуоссатыгар Бэрдьигэстээхтэн ураты, 8 нэһилиэк сэрии кыттыылаахтарын ааттарын киллэрэр, үйэтитэр кыах суох диэн соһуттулар, хомоттулар. Ити улахан сыыһа буолуо суоҕа дуо?

Улуу Кыайыы 80 сыла чугаһаата. Улахан бэлэмнэнии барар. Бэрдьигэстээххэ Кыайыы болуоссата аныгылыы ирдэбилинэн, саҥаттан оҥоһуллара олус үчүгэй. 50 мөл. солк. үлэ бара турар. 

Нэһилиэктэр аайы бу өйдөбүнньүккэ киллэрээри, сэрии кыттыылаахтарын чуолкайдыырга элбэх үлэ, кэпсэтии барда. “Үлэ күүһэ” хаһыат телеграмм каналыгар онно анаан, сэрии кыттыылаахтарын испииһэгэ бэчээттэммитэ.  

Хомойуох иһин, бүгүн буолбут хамыыһыйа мунньаҕар аны туран, Кыайыы болуоссатыгар Бэрдьигэстээх эрэ нэһилиэгиттэн ыҥырыллыбыт, манна олорбут сэрии кыттыылаахтарын испииһэгэ киирэр буолла диэн, нэһилиэк дьаһалтата быһаарда, соһутта, хомотто. Атын аҕыс нэһилиэк дьоно хайдах да баппаттар үһү. 

Көннөрү куйаар кодунан эрэ баттаан көрдүннэр дэспиттэр.

Сэрии кыттыылаахтарын чуолкайдааһыҥҥа үлэлэспит, хамыыһыйа чилиэннэрэ үксүлэрэ ону ылымматылар. Булгуччу хайдах эмэ гынан барыларын киллэрэри туруорустулар. Бу кэмҥэ диэри турар өйдөбүнньүккэ барыларын ааттара суруллан тураллар ээ. Ону суох оҥоруу сыыһа.

«Атын аҕыс нэһилиэк 800-чэкэ сэрии кыттыылааҕын сотон кэбиһээри, Кыайыы болуоссатын 50 мөл. солк. оҥотторбуттар дуу?»,- диэн бөрүкү өйдөбүл хаалбаттар ханнык этэ. Хайдах эмэ бүгүҥҥү эйэлээх олоҕу аҕалбыт хорсун буойуттарбытын барыларын, улуус киинигэр сырдык ааттарын суруйан үйэтитэр наада, суруйда Василий Алексеев, @silatrudagorny

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА