Бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо биир мөлүйүөҥҥэ диэри харчыны иэс биэриэхтэрэ

Саха сиригэр урбааны сайыннарар пуонда бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо (самозанятые) биир мөлүйүөн солкуобайга диэри иэс харчы биэрэр бырагырааманы толкуйдаата. Бу туһунан СИА урбаан министиэрстибэтигэр сигэнэн суруйар.


Билиҥҥитэ Саха сиригэр 11 тыһ тахса самозанятай киһи баар. Миниистир Ирины Высоких этэринэн кирэдьииттээһин «Создание благоприятных условий для осуществления деятельности самозанятыми гражданами» национальнай бырайыак көмөтүнэн оҥоһуллар.

1 мөл. солкуобайга диэри иэс харчыны 4 — 8% ылыахха сөп. Сайаапканы 10 күн иһигэр көрөллөр.

This post was published on 23.08.2021 15:02 15:02