Бэдьимэ бөһүөлэгэр 80-тан тахса саастаах Елена Афонская уонна кини кыыһа Елена Мопполова тэлгэһэлэрин иһэ сыллата моонньоҕонунан, хара кыталыгынан, хаптаҕаһынан, араас өҥнөөх сибэккилээх ыарҕаларынан, биэ эмиийинэн, оннооҕор олбуордарын кэтэҕэр толоон чучунааҕынан, от ыйыгар дьэдьэнинэн туолар.
‒ Биһиэхэ билигин отоннортон сугуммут эрэ тиийбэт. Ситэр кэмнэригэр балай эмэ аһы ылабыт, ‒ диэн Елена Ильинична кэпсиир.
Оттон помудуору, оҕурсуну, сүбүөкүлэни, моркуопу, хортуоппуйу, сибэкки араас эгэлгэтин үүннэрэллэрин этэ да барыллыбат. Тэлгэһэ иһигэр урукку сылларга олордуталаабыт баараҕай харыйалара, суугунуур нарыҥ хатыҥнара, үөттэрэ, талахтара, бузиналара сөбүлээн үүнэллэр. Самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр, от-мас, дьэрэкээн сибэкки силигилии үүммүт кэмигэр бу тиэргэн көрүөхтэн кэрэ буолар.
80-тан тахсыбыт кырдьаҕас Елена Афонская оҕолоро, сиэннэрэ сайынын бары мусталлар. Күөстэнэр дьиэлэрин аттыгар бэйэлэрин күүстэринэн бэртээхэй аһыыр муннугу эргэ кириэһилэлэри көтүрэн, улахан төгүрүк эргичийэр остуолу оҥостубуттар. Оттон тэлэбиисэр эргэ төгүрүк антеннатын чаҕылхай гына кырааскалаан, сибэкки кулуумбатыгар майгынныыр тутууну айбыттар.
Маны сэргэ эргэ тыыны, быраҕыллыбыт атах таҥастарын, хочуоллары сибэкки олордор иһиттэргэ кубулуппуттар. «Интэриниэт баар буолан саҥаттан саҥа ньымалары үтүгүннэрэн абыранныбыт», — дэһэллэр хаһаайкалар.
Быйыл саҥа күүлэ туттарбыттар. Сүүнэ улахан түннүктэрдээх, сандалы остуоллаах, сынньанан сытар сирдээх күүлэҕэ эһэлэрэ 1934 сыллаахха оҥорбут ыскаабын туруорбуттара олус иһирэхтик көстөр.
Нэһилиэккэ сотору гаас кэлиэхтээх, онно бэлэмнэнэн дьиэлэригэр сыһыары дьиэ тутан хочуолун туруортарбыттар.