22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бастакы олоҥхо-испэктээк Хаҥаласка турбута

18:02, 21 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха уус-уран айымньыта- олоҥхо  былыргы  кэмнэргэ үөскээбитэ. Норуокка ордук биллибит олоҥхонон  “Дьурулуйар Ньургун Боотур” буолар.  Олоҥхо аан дойду хайдах айыллыбытын, олох үөскээбитин, саха омук  сайдыбытын, олоҕун-дьаhаҕын, майгытын-сигилитин,  өйүн-санаатын, айылҕа модун күүһүн кэпсиир  айымньы. 2005 сыллаахха ЮНЕСКО быһаарыытынан киhи-аймах духуобунай култууратын сэдиэбиринэн  билиниллибитэ. Ол түмүгүнэн, 2006 сылтан   Саха сирин араас улуустарынан Олоҥхо ыһыахтара киэҥ далааһыннаахтык сыллата  ыытыллаллар.  


2014 сыллаахха биһиги, улууспутугар VIII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕын киэҥ далааһыннаахтык тэрийбиппит.  Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии  чэрчитинэн,  Хаҥалас улууһун култууратын специалистара  улууспутугар  олорон ааспыт Хаҥалас олоҥхоһуттарын чинчийэр-үөрэтэр сыалтан  М.К.Аммосов аатынан Хотугу-Илиҥҥи Федеральнай университет Олоҥхо научнай –чинчийэр институтын  кытта үлэлэспиппит. Улууспут нэһилиэктэрин кэрийэн, олоҥхоһуттар тустарынан балачча матырыйаал хомуйбуппут. Ыытыллыбыт үлэ түмүгүнэн, 1936 сыллаахха  Саха сиригэр  бастакы испэктээх-олоҥхо Самыртайга туруоруллубут эбит , –диэн түмүккэ кэлбиппит.

Бүгүҥҥү ыстатыйабар Орджоникидзевскай оройуон бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Н. Д. Гордеев олоҥхоһуттар тустарынан  ахтыыларын, “Хаҥыл” сурунаалга бэчээттэммит  кыраайы үөрэтээччи  учууталлар К.Г Скрябина уонна Л.В.  Антипина ыстатыйаларын кытта  дьоммун-сэргэбин  билиһиннэриэхпин баҕарабын.

1936 сыллаахха турбут бастакы олоҥхо-испэктээх туһунан чинчийэр үлэни  Кыһыл –Үрүйэ оскуолатын учуутала  Лена Вячеславовна Антипина ыыппыта. Кини бу үлэтин туһунан, 2014 сыллаахха “Хаҥыл” сурунаал  №4-гэр “1936  сыллаахха  Состокуолга тэриллибит ыһыах”, –диэн ааттаан сырдатан  турар. Ааптар  суруйарынан, 1936 сыллаахха Самыртайга,  Герасимов Семен Власьевич-Хорообо салайыытынан олоҥхо куруһуога тэриллибит. Ити  куруһуокка Кыһыл- Үрүйэ, Хачыкаат, Күөрдэм, Тиит-Эбэ  холкуостаахтара киирбиттэр. Кинилэр истэригэр биллибит олоҥхоһуттар  Дмитрий Степанович  Ермолаев — Бөтүөх, Петр Иванович Давыдов- Лэглээмэ, Григорий Иванович  Тарасов (Кыһыл- Үрүйэлэр), Тихон Павлович Тимофеев-Каарпап (Хачыкаат), Еремей Петрович Яковлев (Тиит-Эбэ), Никита Николаевич Степанов, Афанасий Сидорович Антипин (Күөрдэм) бааллара. Салайааччынан уонна тэрийээччинэн  Кыһыл-Үрүйэ холкуоһун бэрэсэдээтэлэ Константин Петрович Константинов эбит. Ити сыл сайыныгар, ыһыах күн  II-с Дьөппөҥҥө Состокуолга “Ньургун-Боотур” олоҥхону оонньоон көрдөрбүттэр.  Олоҥхо аһаҕас халлаан анныгар тэриллибит, ийэ айылҕа бэйэтэ  сыаната суох декорация буолбут.  Айыы бухатыырын  К.П.Константинов, Кыра бухатыыры Хорообо Сэмэн, Е.Д.Степанов эмээхсин, Н.И.Константинов оҕонньор, Н.Н.Степанов абааһы, Т.П.Тимофеев Сорук-Боллур оруолларын бэркэ табыллан оонньообуттар. Аллараа дойдуну көрдөрөргө улахан тыаһы-ууһу, күрдьүөттээбит дьиҥнээх атыыр оҕуһу туттубуттар. Оонньуур артыыстар сүөһү хабаҕар хаан кутан баран истэригэр бааммыттар,  охсуһуу кэмигэр хааннаах хабахтарын тэһитэ түсүһэн,  хаан-сиин буолбуттарын  көрөн  дьон олус куттаммыт. Туйаарыма-Куо оруолун, оччолорго 16 саастаах Александра Новгородова оонньообут. Бу олоҥхо-испэктээхтэн кынат үүннэринэн улахан сценаҕа, киэҥ эйгэҕэ  Александра Федотовна Новгородова,  Мотрена Григорьевна Тарасова (суруйааччы Тимофей Сметанин кэргэнэ)тахсыбыттар эбит.

Кыраайы үөрэтээччи Николай  Данилович Гордеев Хаҥалас улууһун историятын суруйан хаалларбыт үлэтигэр самыртайдар туруорбут олоҥхолорун маннык ахтар. 1937сыллаахха, бэс ыйыгар  Саха АССР  15 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан Покровскай бөһүөлэгэр саҥа  тутуллубут паркаҕа оройуоннааҕы сайыҥҥы бырааһынньык тэриллибит. Ыһыахха нэһилиэктэртэн мустубут холкуостаах дьон, оройуоннааҕы исполком сэбиэтин үлэһиттэрэ уонна ыалдьыттар олус сэргээн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» испэктээх-олоҥхону көрбүттэр. Испэктээҕи Хачыкаат, Дьөппөн нэһилиэгин олохтоох уус-уран самодеятельность  кыттыылаахтара көрдөрбүттэр. Олоҥхону тэрийэн туруорааччынан Семен Васильевич Герасимов — Хорообо буолбут, иилээн-саҕалаан  Еремей Яковлев — Той ыыппыт. Сүрүн оруолларга Николай Иннокентьевич Константинов — Сыттыыр, Петр Давыдов — Лэглээмэ, Афанасий Николаевич Антипин — Тоттойо, Варвара Михайловна Афанасьева, Акулина Михайловна Сидорова, норуот ырыаһыта- Константин Петрович Константинов оонньообуттар. Олоҥхо туруоруутугар хас да  нэһилиэк дьоно  көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Ити курдук Орджоникидзевкай оройуон самодеятельнай артыыстара   норуот олоҥхотун өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан сценаҕа таһаарбыттара.

Кэлин, уонча сыл буолан баран, 1947 сыллаахха кырдьаҕас олоҥхоһут Еремей Яковлев салалтатынан   Хаҥалас уон биир олоҥхоһуттара тумсэннэр  I уонна  II Дьөппөн, Нөөрүктээйи, Хачыкаат  нэһилиэктэрин ыһыахтарыгар олоҥхолоон кыттыыны ылбыттар эбит. Ити сыл оройуон олоҥхоһуттара Саха АССР 25 сылын туолар үбүлүөйдээх тэрээһинигэр  көхтөөх кыттыыны ылбыттар,  К.П.Константинов 4 көстүүлээх «Оҕо туйгун бухатыыр» олоҥхону туруорбутун көрдөрбүт.  Бу тэрээһиҥҥэ бүтүн Саха сирин  ааттаах  32 олоҥхоһута кыттыбыт.

Учуутал, кыраайы үөрэтээччи Капитолина Гаврильевна Скрябина  “Хаҥыл” сурунаалга суруйарынан 1945 сыллаахха Саха сирин оройуоннарыгар Кыайыы ыһыахтара ыһыллыбыттар.  Ол сыл оскуола директора Степан Анисимович Анастатов көҕүлээһининэн Кыһыл-Үрүйэҕэ  аһаҕас халлаан анныгар  олоҥхо туруорбуттар. Сүрүн оруолларга Сэбиэт Көстөкүүн, Бөтүөх Миитэрэй, Лэглээмэ, Кыра Тоттойо, Новгородова оонньообуттар. Айыы-Куо оруолун Варвара Афанасьева, Сорук- Боллуру 14 саастаах Семен Егоров оонньообутун  мустубут   дьон олус астына көрбүттэр. Айылҕаттан талааннаах Семен Егоров оонньооччулар киэргэллэрин, туттар сэптэрин уустаан-ураннаан оҥорбута, кини кэлин Саха сирин бастакы скульптора буолбута.

Саха норуота тылынан уус-уран айымньытын   олоҥхону испэктээх быһыытынан  Самартай чулуу олоҥхоһуттара  дьон көрүүтүгэр,  ыһыахха таһаарбыттара эһиил 85 сылын туолар. Хаҥалас сирэ-уота, дойдута, дьоно-сэргэтэ Эллэйтэн, Тыгынтан саҕалаан бүтүн Саха сирин үрдүнэн баай историялаах улууһунан биллэр. Улууспут туризм сайдарыгар биир кэскиллээх оройуона буоларынан сибээстээн,  туристическай биир хайысханы —  олоҥхо туруоруллубут сиригэр,  Состокуолга бэлиэ туруоруохха, туристарга саха олоҥхотун бастакынан норуот көрүүтүгэр, сыанаҕа таһаарбыт дьоммутун кэпсээн үйэтитиэххэ диэн этии киллэрэбин. Саха АССР үбүлүөйдээх 100 сылын көрсө II Дьөппөннөөҕү норуодунай театр үлэһиттэрэ уонна кыттыылаахтара, өбүгэлэриттэн ситимнэнэн кэлбит талааннарын туһанан,  киэҥ эйгэҕэ дьоҕус тэрээһин  ыытыахтара диэн эрэнэбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА