15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр Ат пааматынньыга баар буолуоҕа

14:19, 08 сентября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр 4,5 мөлүйүөн суумалаах субсидия көмөтүнэн нэһилиэк иһин тупсарыыга араас тутуу ыытылынна, үгүс тутуу билигин да бара турар.


Ыйыллыбыт үптэн 500 тыһыынча солкуобайын саҥа спортивнай былаһаакка тутуутугар туһанылынна. 434 квадратнай иэннээх былаһаакка номнуо тутуллан, билигин тас көстүүтүн эбии тупсарар, кырааскалааһын үлэтэ бара турар. Тутууга үс киһи үлэлээтэ. Спортивнай былаһаакканы сэргэ урут тутуллубут оҕо оонньуур былаһааккатын өрөмүөннүүргэ, саҥардан биэрэргэ уонна эбии биир маннык саҥа былаһаакка тутуутугар бэриллибит үптэн 700 тыһыынча солкуобай анаммыта. Саҥа былаһаакка нэһилиэк Д.Созонов аатынан уулуссатыгар тутулла турар.

Маны таһынан нэһилиэк киинигэр саҥа сквер тутуута сотору кэминэн саҕаланыахтаах, туттуллар матырыйаал бэлэм. Манна Ийэ уонна бэтэрээннэр стелалара билигин турар миэстэлэриттэн көһөрүллэн аҕалан туруоруллуохтаахтар. Сквер тутуутугар олохтоох ИП В.А.Васильев биригээдэтэ үлэлиир, тутууга 330 тыһыынча солкуобай көрүллүбүт. Итини тэҥэ саҥа тутуллар сквергэ ат пааматынньыга баар буолуоҕа. Сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктанар нэһилиэк буоларын ыйар пааматынньыгы оҥорууга 2,5 мөлүйүөн солкуобайы туһаннылар. Пааматынньыгы оҥорууга аһаҕас куонкурус ыыппыппыт түмүгэр, «Зодчий» ХЭТ-ни кытта хантараак түһэрсилиннэ. Бу усулуобуйата ыйарынан, тэрилтэ бу сыл сэтинньи ыйыгар диэри пааматынньыгы итиэннэ пааматынньык турар постаменын оҥорон бүтэриэхтээх. Онон Дьокуускайга диэри алларанан суол турдар эрэ, пааматынньык аҕалыллыахтаах.

Уулуссалары дэхсилииргэ үлэ эмиэ ыытыллар. Д.Созонов, Ю.Винокуров итиэннэ А.Явловскай аатынан уулуссалар оҥхойдорун толоруу, буорунан, шлагынан тэҥнээн биэрии үлэлэрэ саҕаланыахтара. Бу үлэҕэ 350 тыһыынча солкуобай туһаныллыаҕа. Уулуссаны сэргэ дьон хаамарыгар табыгастаах буоларын курдук, Светлэй уулуссаҕа 500 миэтэрэ уһуннаах тротуар оҥоһуллуоҕа. Үлэһиттэр билигин туһаныллар матырыйаалы бэлэмнээтилэр. Тротуар оҥоруутугар 150 тыһыынча солкуобай көрүлүннэ.

Сүрүн тутуулары сэргэ 13 волонтёр нэһилиэк иһин ырааһырдыыга, хомуйууга үлэлээтэ. Кинилэр хамнастарыгар олохтоох бюджеттан нолуогу кытары аахтахха, 182 тыһыынча солкуобай туһанылынна. Итини таһынан олохтоох дьаһалта балансатыгар турар вездеход тиэхиникэни бу сылга көрүүгэ-истиигэ, тиэхиникэ уматыгар уонна үлэһит хамнаһыгар 500-тэн тахса тыһыынча солкуобайы көрбүттэр.

Биллэриллибит Тупсарыы Сылын нэһилиэнньэ ортотугар көҕүлүүр инниттэн, дьахтар кэмитиэтин кытары олохтоохторго «Бастыҥ тиэргэн», дьиэ кэргэттэргэ уонна тэрилтэлэргэ «Саамай кыраһыабай клумба» диэн куонкурустар биллэриллибиттэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА