Коронавирус инфекцията тарҕаммытынан хааччахтыыр миэрэлэр киллэриллибиттэрин үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу эйгэтигэр үлэ тохтообот. Социальнай эбийиэктэр – Онкологическай уонна Кардиологическай кииннэр, оскуолалар, дьыссааттар, култуура уонна спорт тутуулара салҕанан бараллар. Ити эрээри тутуу комплексын баар ыарахаттар моһуоктууллар. Федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнарга эйгэни өйүүргэ туох-ханнык миэрэлэр ылыллыахтарай?
Чэпчэтиилээх ипотека стартаата
Өрөспүүбүлүкэ тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, тутуу барыта былаан быһыытынан баран иһэр. Арай муус устар 12 күнүгэр харантыын биллэриллибит Алдаҥҥа эрэ тохтоото. Быйыл Саха сиригэр 9 оскуола, 4 дьыссаат, 3 култуура эбийиэгэ, 6 спорт дьиэтэ үлэҕэ киллэриллиэхтээхтэр.
Россия Президенэ Владимир Путин федеральнайдааҕы таһымҥа дойду тутууга салаатын өйүүргэ миэрэлэри ыларга эппитэ. Чэпчэтиилээх ипотека 6,5% киирдэ. Дьон саҥа дьиэлэртэн 3 мөл солк диэри суумалаах кыбартыыра ылалларыгар старт бэрилиннэ. Бааннар бырагыраама официальнайдык биллэриллэ да илигинэ сайаапканы хомуйууну саҕалаатылар.
Сиһилии https://ysia.ru/vsyo-po-planu-nesmotrya-na-pandemiyu-stroitelstvo-v-yakutii-prodolzhaetsya/