22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Балыыһалар ыарыһахтары былааннаах көрүүлэрэ саҕаланна

12:01, 02 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыарыһахтары былааннаах көрүү Саха сирин эмтиир тэрилтэлэригэр үксүлэригэр саҕаланна. COVID-19 тарҕаныытынан тыҥааһыннаах балаһыанньалаах нэһилиэнньэлээх пууннар эрэ тохтоон тураллар. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова соцситимнэргэ быһа эфир кэмигэр эттэ диэн, СИА иһитиннэрэр.


Саха сирин доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Елена Борисова эппитинэн, медицина тэрилтэлэрин былааннаах көрүүлэрэ атырдьах ыйын 27 күнүгэр саҕаланна.  «Бастаан 27 эмтиир тэрилтэ үлэтин саҕалаабыт буоллаҕына, бүгүн эпидемиологическай балаһыанньалара тыҥааһыннаах улуустар — Мииринэй, Нерюнгри уонна Өлөөн эрэ балыыһаларыгар былааннаах көрүүнү оҥорботтор. Атыттар бары ааннара аһаҕас», – диэтэ кини.

Кини эппитинэн, Национальнай медицина киинэ — 1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа эмиэ былааннаах үлэтин саҕалаата. «Ол иһигэр хирургия стационара уонна амбулаторнай сулууспата эмиэ үлэлииллэр», — диэн быһаарда.

Миниистир бэлиэтээбитинэн, ыарыһахтары көрүү эрдэттэн сурутуунан ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА