22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Балаҕаннаахтар доруобуйаларын кымыһынан бөҕөргөтүнэллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах агро-хайысхалаах сүрүн оскуолата биэ ыамын бэс ыйын 10 күнүттэн саҕалаата. СИА-ҕа анаан Василена Федотова оҥорбут репортаһын ааҕыҥ.


Ыам кэмигэр тиийиигэ номнуо икки биэни анал ыанар кыбыыга хаайан, икки киһи тутан, ыанньыксыт түргэн-түргэнник үүтү ыан үрүлүтэр.

«Биэ үүтэ ийэ үүтүгэр тэҥнээх» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бу саамай иҥэмтиэлээх, битэмииннээх үрүҥ илгэни үрүлэччи ыары үлэ чааһа сарсыарда күн сардаҥата саҥалыы тахсыыта саҕаланар. Үлэһиттэр эдэр үөрү сыһыыттан сылгылаан, хонууттан хомуйан аан бастаан кыбыыга (хааһахха) хаайаллар, онтон ыанар биэлэри атыыртан арааран, кулуннарыттан туспа тутан, дьэ, ыамҥа бэлэмнииллэр. Сарсыарда аҕыска хааллыбыт биэлэри сынньатан, уоскутан баран эбиэт саҕана ыамҥа биир-биир киллэртииллэр.

Иван Жендринскэй, Балаҕаннаах агро хайысхалаах сүрүн оскуолатын тех үлэһитэ:
«Биһиги сайын аайы «Кымыс» диэн лааҕыры үлэлэтэн, оҕолорго сайын устата кымыс иһэрдэбит. Быйыл эпидемиологическэй балаһыанньанан лааҕырбыт үлэлээбэтэ, онон биэ үүтүнэн кымыс оҥорон дьоҥҥо-сэргэҕэ иһэрдэбит. Билигин биир үөрү ыы сылдьабыт. Лоп курдук 15 күн ыан баран сынньатыахпыт. Ол кэмҥэ иккис үөрбүт биэлэрин ыахпыт. Биэни ыыр уратылаах буолар. Ол курдук, бастаан ыан баран, бурдук биэрэбит. Онтон чаас аҥара сынньатан баран иккис эргииргэ ыыбыт. Биир биэ күҥҥэ 2-3 киилэ үүтү биэрэр. Бастаан ыаналларыгар биир киилэттэн саҕалыыллар, онтон аа-дьуо эбэн иһэллэр. Биэ үүтэ киилэтэ 700 солкуобайга тэҥнэһэр, онтон бэлэм тахсыбыт кымыс киилэтэ 250 солкуобай. Нэһилиэнньэ хамаҕатык ылар, эрдэттэн сакаастаһар дьон эмиэ баара үөрдэр».

Владимир Гаврильев, сылгыһыт:
«Уопсайынан сылгы ыаһына олус сыралаах үлэ. Сарсыарда 4-5чаастан туран сылгылаан, атыырыттан, кулуннарыттан арааран, сынньатан баран эбиэт саҕана ыан саҕалыыбыт. Бу билигин эдэр үөр ыана сылдьар, быйыл төрдүс сыллара. Аан бастакыларын ыаналларыгар салыннарбыттара, онтон билигин кэм үөрэнэннэр сымнаабыттар. Уопсайынан, ыанар биэ атыттардааҕар сымнаҕас буолар, киһиэхэ үөрэнэр. Кулуннарбыт быһа түспэтиннэр диэн ый аҥара ыан баран сынньатабыт, ол кэмҥэ атын үөрү аҕалан ыыбыт».

https://youtu.be/ozZkN-rZLOk

Степан Жендринскэй, оскуола дириэктэрэ:
«Быйыл барыта 25 төбө сыспай сиэллээҕи кыстаттыбыт, үс үөрдээхпит. Бу саамай элбэх биэлээх үөрбүт киирэн турар. Биэ үүтэ саамай туһалаах, ону олохтоох биэксэлбит дакаастаан турар. Сыл аайы «Кымыс» лааҕыры үлэлэтэбит, онно сылдьыбыт оҕолор кымыһы иһэннэр доруобуйалара тупсара кэнники олус билиннэ. Кымыспытын өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит ырысыаппытынан таһаарабыт. Ол курдук, састааба биэ үүтэ, уу уонна сылгы иҥиирэ. Сылгы иҥииригэр көөнньөрүллэн 3-4 хонугунан бэртээхэй кымыс тахсар. Биһиги оскуолаҕа дьөһөгөҋ оҕотун тутууну оскуола бастакы дириэктэрэ Лидия Тихоновна Васильева саҕалаабыта. Онтон ыла отучча сыл устата дьарыктанан кэллибит. Инникитин биэбит ахсаанын өссө элбэтэн бүтүн улууспутун уохтаах кымыһынан хааччыйар баҕа санаалаахпыт».

Степан Дмитриев, нэһилиэк баһылыга:
«Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылгынан дьарыктанар үөрэх тэрилтэтэ тарбахха баттанар ахсааннаах. Хомойуох иһин, Үөрэҕирии министиэристибэтэ дьоҕус оскуолаларга бу хайысханы сайыннарарга, өрүтүннэрэргэ үбүлээһин көрбөт. Оттуур техника ылынарга, күрүө-хаһаа туттарга ити олус туһалаах буолуо диэн көрөбүн. Биэ үүтэ састаабынан ийэ үүтүгэр тэҥнээх, киһи иммунитетын күүһүрдэр, билигин бүрүүкээн турар ыарыы дьаҥын утары туһалаах диэн учуонайдар этэллэр, биһиги бэйэбит эмиэ оннук сыаналыыбыт. Онон кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон эмиэ биэни ыахтарын наада — кымыс буоллаҕа дии, дьиҥнээх олохтоох, доруобуйаҕа туһалаах бэйэ бородууксуйата».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА