Балаҕан ыйыттан үс категория биэнсийэ ылааччылар төлөбүрдэрэ үрдүөҕэ. Бу туһунан «Прайм» агентствоҕа Г. В. Плеханова аатынан университет доцена Людмила Иванова-Швец кэпсээтэ, СИА суруйар.
Экономист этэринэн, биэнсийэни атырдьах ыйыгар 80 сааһын туолбут дьоҥҥо үрдэтиэхтэрэ. Кинилэргэ биэнсийэ страховкаламмыт чааһын бигэ төлөбүрүн икки төгүл улаатыннаран — 16 269 солк. 76 харчы тэҥнэһиэҕэ.
Иккиһинэн, биэнсийэни бастакы бөлөх инбэлииттэрин ылбыт дьоҥҥо уонна урут Арассыыйа социальнай пуондатыгар төлөбүр суумматын хат ааҕарга көрдөһүү түһэрбит дьоҥҥо үрдүөҕэ.
Маны таһынан Людмила Иванова-Швец алтынньы 1 күнүгэр саастаахтар күннэрэ бэлиэтэнэрин санатта. Бырааһынньыгынан сибээстээн, сорох регионнарга уонна муниципалитеттарга кырдьаҕастары өйүүр араас миэрэ көрүҥэ баарын чопчулаата. Бу биэнсийэҕэ эбии эбэтэр биир кэмнээх төлөбүр, бэлэх буоларын эксперт быһаарда.