17 Балаҕан ыйа 17.09
  • -2°
  • $ 91,14
  • 101,28

Балаҕан ыйыттан элбэх оҕолоох ыаллар устудьуоннара үөрэххэ төлөбүр ылыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр балаҕан ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыаллар устудьуоннара үөрэххэ төлөбүр ылыахтара. Өйөбүл миэрэтэ дьиэ кэргэн сылыгар ананар уонна регион баһылыга Айсен Николаев быһаарыытынан ылыллар.

Көмө биир кэмнээх, үөрэх дьылын кэмигэр көрүллэр. Сайабылыанньаны портал нөҥүө эбэтэр элбэх хайысхалаах кииҥҥэ тиийэн бэриллэр. Сайабылыанньаны 18 саастарын туолбут устудьуоннар эбэтэр сокуоннай саастарын туола илик оҕолор төрөппүттэрэ суруйаллар.

Ирдэнэр докумуоннар:

  • Үөрэнэрин туһунан дуогабар;
  • Үөрэҕин төлөөбүтүн туһунан докумуон;
  • Төрөөбүтүн туһунан туоһу сурук

Усулуобуйалара:

  • Устудьуон элбэх оҕолоох ыал оҕото буолуохтаах, дохуоттан тутулуга суох;
  • Үөрэнии орто профессиональнай үөрэх тэрилтэтигэр буолуохтаах;
  • Үөрэх төлөбүрдээх буолуохтаах уонна төлөммүт буолуохтаах;
  • Үөрэнэр идэтэ «востребованнай профессиялар» испииһэктэригэр киирбит буолуохтаах;
  • Хаһыс кууруска үөрэнэрэ оруолу оонньообот.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА