2018 сыллаахха быыбардааччы 71,40 % куолаһын ылан, Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан талыллыбыта. Дуоһунаска киирии үөрүүлээх тэрээһинэ балаҕан ыйын 27 күнүгэр буолбута. Ити иннинэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйын 28 күнүнээҕи ыйааҕынан Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан үлэлээбитэ.
Балаҕан ыйын 9 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 252-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 253-c күнэ). Сыл бүтүө 113 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Хотугу Кэриэйэ — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Коста Рика — Оҕо күнэ (ааҥл. Children’s_Day).
- Словакия — Ахтыы күннэрэ ааҥл. Remembrance days in Slovakia.
- Таджикистан — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Япония — Хризантема күнэ.
Түбэлтэлэр:
- Б.Э.И. 479 — Платея кыргыһыытыгар гректэр хомуур сэриилэрэ Грецияны сэриилээн ыла кэлбит уонна кыстыы хаалбыт перс сэриитин кэйгэллээбиттэр.
- 1759 — тохсунньуттан Саха сирин бойобуодатынан ананан сулууспалаабыт коллежскай асессор Андрей Павлуцкай тоҕус ый буолан баран уурайбыт. Кини кэнниттэн бойобуоданан коллежскай асессор Михаил Лебедев анаммыт.
- 1776 — Америка Холбоһуктаах Колониялара саҥа ааттаммыт — Америка Холбоһуктаах Штааттара.
- 1944 — ССРС уонна Польша лемка (русин, руснак) омуктары Илин Польшаттан Украинаҕа көһөрөр туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
- 1944 — Болгарияҕа өрө туруу буолбут, ол кэмигэр ыраахтааҕыны суулларбыттар.
- 1948 — Ким Ир Сен Кэриэйэ Норуотун Демократическэй Өрөспүүбүлүкэтэ (Хоту Кэриэйэ) тэриллиитин туһунан биллэрбит. Бу иннинэ аҕай атырдьах ыйын 15 күнүгэр Соҕуруу Кэриэйэ эмиэ бэйэтэ туспа өрөспүүбүлүкэ буолбута.
- 1969 — Канаадаҕа Тыл Аакта олоххо киирбит, ааҥыл уонна француз тыллара дойду үрдүнэн официальнай буолбуттар.
- 1970 — ВАЗ-2101 «Жигули» оҥоһуута саҕаламмыт. «Жигулилар» 2014 сылга диэри 44 сыл тухары оҥоһуллубуттара.
- 2018 — быыбардааччы 71,40 % куолаһын ылан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана буолбут.
Төрөөбүттэр:
- 1828 — Лев Толстой — нуучча аатырбыт суруйааччыта, публицист уонна итэҕэл диэйэтэлэ.
- 1935 — Спартак Слепцов — СӨ үтүөлээх артыыһа, Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын сүрүн режиссера.
- 1935 — Семен Курилов — биллиилээх дьүкээгир суруйааччыта, аан дойдуга аатырбыт «Ханидоо уонна Халерхаа» арамаан ааптара.
- 1960 — Семен Ермолаев — Сиэн Өкөр — драматуур, киносценарист, суруйааччы, суруналыыс.
Өлбүттэр:
- 1569 — Питер Брейгель Аҕа — Голландия Ренессанс кэминээҕи уруһуйдьута уонна графига.
- 1952 — Илья Винокуров — Чаҕылҕан — оҕолорго анаан суруйбут саха бэйиэтэ, суруйааччыта, тылбаасчыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. «Хайыһар» ырыа ааптара.
- 1960 — Петр Решетников — П.А. Ойуунускай аатынан Академическай Саха тыйаатырын артыыһа, киинэ артыыһа, РСФСР уонна Саха АССР норуот артыыһа.
- 1968 — Георгий Эргис — Саха фольклориһа, лингвист, этнограф, бөлүһүөк; филология билимин хандьыдаата, Саха АССР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1976 — Мао Цзэдун — Кытай хоммунньуус салайааччыта. Кытай Норуот Өрөспүүбүлүкэтин 1949 сыллаахха олохтонуллуоҕуттан 1976 сыллаахха өлүөр дылы салайбыта.
- 2010 — Николай Харитонов — Чуор (02.06.1935 төр.) — бэйиэт, литэрэтиирэни ырытааччы.
- 2014 — Афанасий Мунхалов — РСФСР норуодунай худуоһунньуга, Ускуустуба уонна култуура Арктикатааҕы институтун профессора, Художестволар Арассыыйатааҕы академияларын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ.