1936 сыллаахха бу күн «ССРС народнай артыыһа» бочуоттаах аат олохтоммут. Сахалартан бу ааты тыйаатыр режиссера уонна актера Василий Местников (1958), тыйаатыр актера уонна режиссера Дмитрий Ходулов (1958), опера ырыаһыта Анегина Ильина-Дмитриева (1988) сүгэллэр.
Бу күн 1914 сыллаахха бэйиэт, прозаик, ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ Дмитрий Федоров-Таас, 1915 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962), Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александр Чусовской төрөөбүт күннэрэ.
Балаҕан ыйын 6 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 249-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 250-c күнэ). Сыл бүтүө 116 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Болгария — Холбоһуу күнэ.
- Пакистан — Көмүскэнии күнэ.
- Эсватини — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Чили — Дойду сомоҕолоһуутун күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1689 — Арассыыйа уонна Кытай икки ардыларыгар бастакы дуогабар — Нерчинскэй дуогабара — түһэрсиллибит. Дуогабарга кыраныысса ханан ааһара быһаарсыллыбыт, мөккүөрдээх Амур өрүһүн тардыыта Кытай киэнэ буолбут. Инньэ гынан Чуумпу далай кытылыгар нууччалар Саха сиринэн эрэ тиийэр кыахтаммыттара.
- 1922 — Үрүҥ генерал Анатолий Пепеляев 650 киһилээх десана Айааҥҥа түспүт. Кинилэргэ корнет Михаил Коробейников 250 киһилээх өрө турааччылар тобохторун кытары холбоспут.
- 1936 — «ССРС народнай артыыһа» бочуоттаах аат олохтоммут. Сахалартан бу ааты сүкпүттэрэ: тыйаатыр режиссера уонна актера Василий Местников (1958), тыйаатыр актера уонна режиссера Дмитрий Ходулов (1958), опера ырыаһыта Анегина Ильина-Дмитриева (1988).
- 1991 — Чечня тутулуга суоҕун биллэрбит.
Төрөөбүттэр:
- 1901 — Вера Давыдова — саха дьахталларыттан бастакы суруйааччы, учуутал, эрин Петр Оросины Бодойбоҕо көскө ыыппыттарыгар барсыбыт, онно олохсуйан Бодойбо куоратын ытык киһитэ буолбут.
- 1909 — Михаил Лорин — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, сэрии иннинэ Саха сиригэр аэросъемкаҕа инженеринэн үлэлии сылдьыбыта.
- 1914 — Дмитрий Федоров — Миитэрэй Таас — бэйиэт, прозаик, ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.
- 1915 — Александр Чусовской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962), Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аата Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ иҥэриллибитэ.
- 1934 — Сардана Ойунская — фольклорист, литературовед, тыл үөрэҕин хандьыдаата.
- 1952 — Александр Бондарь — Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ. 1984 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр уон сыл тутуллубут БАМ тимир суолун бүтэһик кыһыл көмүс звенотун уурууга кыттыбыта. Ону кытары 2011 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Бондарь салайыытынан Аллараа Бэстээххэ АЯМ тимир суолун кыһыл көмүс звенота ууруллубута.
Өлбүттэр:
- 1566 — Үтүөкэн Сулейман — Осмаан Импиэрийэтин онус султаана (1520—1566), кини салайар кэмигэр Осмаан Импиэрийэтэ сайдыы муҥутуур чыпчаалыгар тахсыбыта.
- 1995 — Мария Жорницкая (1921 төр.) — Саха сиригэр олорор омуктар үҥкүүлэрин чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1998 — Акира Куросава — Дьоппуон киинэ режиссера.
- 2010 — Михаил Еремисов — сүүрүүк-спортсмен, супермарафонец. Биир сууккалаах сүүрүүгэ уонна 100 км дистанцияҕа Арассыыйа элбэх төгүллээх призера. Биир сууккалаах сүүрүүгэ 264 км 400 м көрдөрөн СӨ рекордун олохтообута. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун, Далыр нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина.