Балаҕан ыйын 26 күнүгэр 1892 сыллаахха Марина Цветаева төрөөбүтэ. Кинини нуучча бэйиэтэ, тылбаасчыта, XX үйэ бөдөҥ бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ диэн билэбит.
Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Урбаанньыт күнэ (2021, балаҕан ыйын төрдүс баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр)
- Аан дойдутааҕы контрацепция күнэ
- Европа Сойууһа — Европатааҕы тыллар күннэрэ
- Кытай, Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань), Гонконг — Күһүн ортото
- АХШ — Национальнай үтүө ыаллыылар күннэрэ
- Эквадор — Дойду былааҕын күнэ
- Саҥа Зеландия — Доминион күнэ (1907, Улуу Британияттан тутулуга суох буолуу)
- Йемен — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
Түбэлтэлэр
- 1580 — Аатырбыт Англия пирата Фрэнсис Дрейк аан дойдуну эргийэн дойдутугар тиийбит.
- 1887 — АХШ айааччыта Эмиль Берлинер граммофону патеннаабыт.
- 1960 — Куба баһылыга Фидель Кастро ХНТ устуоруйатыгар саамай уһун тылы эппит — 4 чаас 29 мүнүүтэ.
- 1983 — Сэбиэскэй Сойууска дьуһуурунай офицер Станислав Петров ядернай ракета көтөн иһэр сигналын сымыйа диэн быһаарбыт, «тревога» биллэрбэтэх. Инньэ гынан ядернай сэрии саҕаланыахтааҕын мүлчүрүппүт. Кэлин киниэхэ элбэх дойдулар ардыларынааҕы наҕараадалары туттарбыттара, кини туһунан «Аан дойдуну быыһаабыт киһи» диэн киинэ устубуттара.
- 2003 — Википедия иннинээҕи Нупедия үлэтэ тохтотуллубут.
- 2008 — Монголия киин куоратын Улаанбаатар кытыытыгар Чыҥыс Хаан саамай улахан статуята аһыллыбыт, үрдүгэ — 40 м.
Төрөөбүттэр
- 1882 — Алексей Гастев — нуучча революционера, боропсойуус диэйэтэлэ, бэйиэт уонна суруйааччы, үлэ хаамыытын уонна тэрээһинин тэрийии теоретига уонна Үлэ киин үнүстүүтүн салайааччыта.
- 1892 — Марина Цветаева — нуучча бэйиэтэ, тылбаасчыта, XX үйэ бөдөҥ бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ.
- 1911 — Анастасия Парникова — саха устуоруйатын чинчийбит учуонай, история билимин кандидата.
- 1919 — Иннокентий Попов — устуоруйа билимин хандьыдаата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Саха государственнай университетын ректора (1959—1973).
- 1933 — Иван Алексеев — бэйиэт, драматург, суруналыыс. Арассыыйа Суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ. СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1939 — Федор Зыков — устуоруйа билимин хандьыдаата, сахалар материальнай култуураларыгар идэлээх этнограф.
- 1965 — Пётр Порошенко — Украина судаарыстыбатын уонна бэлиитикэтин диэйэтэлэ, урбаанньыт уонна миллиардер, 2014-2019 сылларга Украина бэрэсидьиэнэ.
Өлбүттэр
- 2001 — Анастасия Парникова — саха устуоруйатын чинчийбит учуонай, история билимин кандидата.