Саха сиригэр балаҕан ыйын 25 күнүттэн дьоҕус кээмэйдээх суудуналарга навигация түһүмэхтэринэн сабыллыыта саҕаланыаҕа. Эрэгийиэн Тырааныспарка министиэристибэтэ болдьоҕун таһаарда, суруйда Саха сирэ саайт.
Балаҕан ыйын 25 күнүттэн навигация кэмэ Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн Бытантай, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Аллараа Халыма, Усуйаана, Булуҥ оройуоннарыгар түмүктэниэҕэ.
Алтынньы 7 күнүттэн — Амма, Алдан, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннарыгар, Дьокуускай уонна Жатай куораттааҕы уокуруктарын сирдэригэр-уоттарыгар.