Демократия күнэ Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин быһаарыытынан 2007 сыллаахтан сылын аайы балаҕан ыйын 15 күнүгэр бэлиэтэнэр. Көҥүл талыы систематын нөҥүө былааhы тутар дьаһалта көрүҥэ уонна политика философията Былыргы Грецияҕа үөскээбит.
Балаҕан ыйын 15 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 258-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 259-c күнэ). Сыл бүтүө 107 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы демократия күнэ.
- Дойдулар ардыларынааҕы лимфома туһунан информация тарҕатыы күнэ.
- Азербайдьан — Национальнай билии күнэ.
- Казахстан — Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын тылларын күнэ.
- Беларусь — Библиотекалар күннэрэ.
Түбэлтэлэр:
- 1830 — Англияҕа Ливерпуль-Манчестер тимир суол аһыллыбыт. Бу икки улахан куораты ситимнээбит бастакы тимир суол буолбут. Поездтар бастакы сырыыларыгар биир киһи саахалга түбэһэн өлбүт.
- 1916 — Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр тааҥка бастакы туһаныыта буолбут. Сомма кыргыһыытыгар англичаннар 49 Mark I тааҥканы ниэмэстэри утары ыыппыттар.
- 1971 — Канадаҕа айылҕа харыстабылынан дьарыктанар «Гринпис» тэрилтэ бастакы миссиятыгар хараабыл ыыппыт. Бу хараабылынан Беринг байҕалыгар баар Амчитка арыытыгар буолар сир анныннааҕы ядернай дэлби тэптэриилэри утары протест биллэрбиттэрэ.
- 2008 — АХШ-га «Lehman Brothers» баан банкрот буолбут. Мантан 2008 сыллааҕы аан дойдутааҕы экэниэмикэ кризиһэ саҕаламмыта.
Төрөөбүттэр:
- 1890 — Агата Кристи — детективтэринэн аатырбыт Англия суруйааччыта.
- 1898 — Николай Бубякин — ил уонна партия диэйэтэлэ, 1928—1929 сыллардаахха Саха АССР Совнаркомын бэрэсэдээтэлэ.
- 1957 — Платон Слепцов — саха этнографиятыгар идэлээх устуоруйа билимин кандидата.
- 1988 — Егор Васильев – Saas Ustar — Саха сирин биллэр ырыа толорооччута уонна айааччыта, “саха-рэп” сүүрээни сайыннарааччы.
Өлбүттэр:
- 1928 — Василий Никифоров-Күлүмнүүр — Саха сирин уһулуччулаах общественнай, политическэй диэйэтэлэ, краевед-учуонай, суруйааччы, публицист, «Сахалар сойуустарын» салайааччыта, Саха Сиригэр земствоны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.
- 1938 — Исидор Барахов (Иванов) — Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, XIX үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл.
- 1938 — Кузьма Гаврилов — 1920-с сылларга «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» түмсүүлэри төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, саха суругун-бичигин комитетыгар дьарыктаммыта. «Холбос» Респотребсоюhу төрүттээччи.