27 Муус устар 27.04
  • -0°
  • $ 92,01
  • 98,72

Байыастарга массыына бэлэхтээтилэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алдан Томмотугар баар «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа уонна  АЯМ ХЭТ тутааччыларын ассоциацията кыттыһан байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга Фермер УАЗ массыынаны ыыттылар.

«Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа хапытаалынай тутуу үлэтин сулууспатын үлэһитэ Владимир Ногаш иһитиннэрбитинэн, кинилэр байыаннай дьайыыга сылдьар кэллиэгэлэрин кытта ыкса сибээһи өрүү туталлар. Биир оннук кэпсэтии кэмигэр Александр К. диэн байыас миномет тиэйэргэ «УАЗ» массыына баара буоллар диэн санаатын эппит. Онуоха «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ үлэһиттэрэ уонна «АЯМ ХЭТ тутааччыларын ассоциациялара» көмөлөһөргө быһаарыммыттар. Ити кэмҥэ «АЯМ» үлэһитэ Александр Михалев уоппускатын кэмигэр Мариупольга сылдьар. Онон харчыны кини каартатыгар ыыппыттар. Үлэһиттэр уопсайа 650 тыһ.солк кыттыһан, Ростовка «УАЗ» фермер массыынаны атыыласпыттар. Кини онно госпитальга Александр К. көрсүбүт. Кулун тутар 17 күнүгэр Александр Михалев  Ростовка сылдьан Александр К. бииргэ сулууспалыыр дьонугар массыынаны тиэрдибит. Байыастар массыынаны тутан баран улахан махталларын биллэрбиттэр, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА