Баһаары утары федеральнай сулууспаҕа үлэлээбит Ленскэй оройуон 43 саастаах олохтооҕо масыанньыктааһын 10 эпизодугар буруйданар. Кини сокуоннайа суох дьайыытыттан хоромньу кээмэйэ 1 мөл солкуобайга тэҥнэһэр.
“Үлэлиир балаһыанньатын туһанан кини тэрилтэ расчетнай счетуттан бэйэтин тус счетугар харчыны ыыппыт, ону тэҥэ “1С Бухгалтерия” бырагыраама көмөтүнэн ороскуоттары бигэргэтэр докумуона суох тэрилтэ ороскуотугар харчыны устубут”, — диэн этиллэр борокуратуура иһитиннэриитигэр.
Дьыала суукка ыытылынна.
СИА.