Дьокуускай олохтооҕо Родион Романовка куорат дьаһалтатын планеркатын кэмигэр махтал эттилэр. Кини Борисовка-2 оройуонугар буолбут баһаарга бастакынан көмө оҥорбута, СИА «Эхо столицы» сигэнэн суруйар.
Родион Романов элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаар буолбутун бастакынан көрөн, умайа турар дьиэҕэ киирэн, утуйа сытар дьону уһугуннартыыр, онон уонча киһи олоҕун быыһыыр.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын баһылыга Евгений Григорьев элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баһаар туруутун бохсор тэрээһиннэри кһһүһрдэри эттэ.