Бүлүү улууһугар Социалистическай үлэ Геройа С.М. Васильев аатынан Чернышевскай орто оскуолатын көҕүлээһининэн тэриллибит улуустааҕы эдэр туристар слеттара буолла.
Слет үгэс быһыытынан «Акыстаан » үрэх үрдүгэр ыытылынна. Уопсайа улуустан 10 хамаанда, ол эбэтэр 92 о5о 11 салайааччы, 2 төрөппүт кыттыыны ыллылар.
Оҕолор икки группаҕа арахсан куоталастылар, бастакы группа 5-7 кылааска дылы орто сүһүөхтэр группалара, 8-10 кылааска дылы улахаттар.
Уопсай түмүккэ:
1 миэстэни ыллылар — «Искра» Чернышевскай оскуолата уонна «БЭМС» Бүлүү N2-дээх оскуолата;
2 миэстэни ыллылар — «Дружба» Чернышевскай оскуолата уонна «Экстремалы» Өкүндү оскуолата;
3 миэстэ буоллулар — «Ястребы» уонна «Позитив», иккиэн Чернышевскай оскуолата.
Хоппут хамаандаларга Чернышевскай олохтоох дьаһалтата уонна оскуола кэлэктиибэ туруорбут бириистэрэ, кубоктар, грамоталар туттарылыннылар.
«Ориентирование» көрүҥэр улуус үөрэҕин салалтатыттан грамота, мэтээл бэрилиннэ.